Бөтүҥ нэһилиэгин С.Я. Левин аатынан норуот айымньытын дьиэтин фойетыгар күннэтэ анал байыаннай дьайыыга сылдьар биир дойдулаахтарбытыгар анаан хаххаланар сиэккэ өрүүтүгэр далбардар мусталлар.
“Биһиги “Арассыыйа ийэлэрэ” түмсүүбүт чилиэннэрэ уонна “Талаана” түмсүү иккис күммүтүн улахан кээмэйдээх сиэккэ өрүүтүгэр кыттыһан үлэлии сылдьабыт. Хаххаланар сиэккэ анал байыаннай дьайыыга олус суолталааҕын уонна дьоммут көмүскэллээх буолалларыгар элбэҕи быһаарар буоларын өйдөөн ,өйөөн, ким эрэ оҕотун, уолун, аҕатын быыһыа диэн эрэнэн туран өрө сылдьабыт. Оҕолорбут, уолаттарбыт сотору дойдуларыгар кыайыы көтөллөөх төннүөхтэрэ диэн улахан баҕа санаабытын ууран туран бу үлэҕэ кыттыһабыт. Сиэккэбит 10 миэтэрэ уһуннаах уонна 2 миэтэрэ үрдүктээх. Өссө да инникитин үлэбит, оппут-маспыт үлэтиттэн быыс булан сиэккэ өрүүтүгэр үлэлиэхпит”, — диэн этэр “Арассыыйа ийэлэрэ” Бөтүҥнээҕи салаатын салайааччыта Александра Егорова.
“Амма олоҕо” хаһыат