СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Сергей Местников Бөтүҥ нэһилиэгэр отчуотун иннинэ улуус дьаһалтатын баһылыгын бастакы солбуйааччы Василий Бураевы кытта саҥа тутууну эрэйэр “Күөх ыллык” инбэлииттэри чөлүгэр түһэрии киинигэр сырытта. Ол кэнниттэн бу киини кытта ыкса сибээстээх В.З. Неверев аатынан адаптивнай спорт саалатын көрдө.
Улууспут биир улахан социальнай тэрилтэтинэн илин эҥэр инбэлииттэрин доруобуйаларын чөлүгэр түһэриигэ үлэлэһэр “Күөх ыллык” киинэ буолар. Хомойуох иһин бу олус суолталаах тэрилтэ саҥа дьиэтэ хаарбах туруктанан эргэ дьиэҕэ үлэлии олорор. Үлэһиттэр кыһамньылаах илиилэрин күүһүнэн олус ыраастык, тупсаҕайдык оҥоһуллан сыл устата доруобуйаларынан хааччахтаах дьон кэлэн эмтэниини бараллар. Өссө бу кэнники сылга СӨ Үлэ уонна социальнай көмүскэл министиэристибэтэ спорт министиэристибэтин кытта дуогабар түһэрсэн инбэлиит спортсменнар кэлэн дьаныардаах эрчиллиилэри барар буолбуттар. Бу туһунан Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччытыгар Амма улууһун нэһилиэнньэ социальнай көмүскэлин биир кэлим киинин салайааччыта Любовь Дорофеева, киин бырааһа Екатерина Нестерева тириэртилэр. Кинилэр киин төһө да эргэ дьиэҕэ үлэлээтэр саҥа сонун бырайыактарга кыттарын, араас сүүрээннэри киллэрэрин кэпсээтилэр. Сергей Васильевич барытын болҕомтолоохтук истэн, ыйыталаһан салгыы үлэлэһэргэ бэлэмин эттэ.
Култуура киинигэр олохтоохтор хаһан да буоларын курдук көхтөөхтүк кэлэн отчуоту иһиттилэр. Ол курдук суругунан да, туран да эрэн бөлөх чилиэннэригэр боппуруостарын биэрдилэр. Ол курдук араас суол боппуруостар киирдилэр: миграннартан саҕалаан сайыҥҥы уу ситиминэн туһаныы сыаната ыараханыгар тиийэ. Маны сэргэ сайын кинилэр нэһилиэктэринэн ааһар суол быыллааҕын, ол бетоннанара наадатын, Мир уулусса олохтоохторун уоттара мөлтөҕүн, маныаха подстанция уларыйыытын, Аммаҕа поликлиника хаһан тутуллуой, сыана үүнэ-тэһиинэ суох үрдүүрүн тохтотор, сайыҥҥы стационарнай үлэ лааҕырын аһар уонна да атын боппуруостары туруорустулар. «Бөтүҥ» ТХПК дириэктэрэ Дмитрий Левин, кыраайы үөрэтээччи Алексей Нестерев, Алексей Харитонов тыа сиригэр ыччаттары хаалларыыга, кинилэр үлэлээх буолууларыгар, кооперативтары тэрийии наадатын, хаһаайыстыбалары чэбидигирдэр, үп-харчы өртүнэн өйүүр бырагыраамалар тохтооботторугар, кыра бааһынай хаһаайыстыбаларга болҕомто эмиэ күүһүрэригэр баҕа санааларын тириэртилэр. Бөтүҥҥэ уопсайа отчуоту 80-тан тахса киһи кэлэн иһиттэ, бэйэм суруммуппунан 30-тан тахса боппуруос да, этиилэр да киирдилэр. Олохтоохтор ыытыллыбыт үлэни биһирииллэрин биллэрдилэр.
“Отчуот наһаа үчүгэй буолла. Биир бэйэм астынным. Олох сахалыы ыраастык, олус бэркэ тириэртилэр. Маннык кэлэн бараллара үчүгэй. Санаабытын тириэрдэн, онно эппиэттэри ылабыт. Мин бэйэм кооперативтары тэрийиини, улууска орто үөрэх тэрилтэтин сөргүтүүнү, сыана ыарааһынын туһунан ыйыталастым, этиилэрбин киллэрдим. Онно барытыгар астынар гына эппиэттэри биэрдилэр”, — диэн Алексей Михайлович Нестерев санаатын үллэһиннэ.
Түмүккэ СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Махтал суругунан “Бөтүҥ” ТХПК ыанньыксыта Евдокия Неустроева, СӨ Үөрэххэ уонна наукаҕа министиэристибэтин Бочуотунай грамотатынан Бөтүҥ орто оскуолатын учуутала Күннэй Чирикова наҕараадаланнылар, ону кытта орто оскуолаҕа саха тылын уонна литературатын кабинетын сэртипикээтин туттардылар.
“Амма олоҕо” хаһыат