Кэнники сылларга саамай улахан суолталаах үс күннээх быыбар түмүктэнэрэ субу кэллэ. Кулун тутар 17 күнүн ортото Амма улууһугар быыбардааччы уопсай ахсааныттан 67,77 бырыһыан киһи учаастактарга тиийэн, дьиэлэригэр быыбардаан санааларын этиннилэр. Быйылгы быыбарга баралларын-кэлэллэрин ыарырҕатар дьоҥҥо анал такси баар буолбута наһаа абыраллаах диэн элбэх киһи этэр.
Быыбар икки күнүн түмүгүнэн бырыһыанынан таһаардахха саамай элбэх киһи Сулҕаччыга быыбардаабыт эбит буоллаҕына, бүгүн балаһыанньа уларыйда. Куоластыыр дьон уопсай ахсааныттан 90,85 бырыһыаннара куоластааннар Майскай нэһилиэгэ инники таҕыста. киниттэн тилэх баттаһа Сатаҕай иһэр — 87,20 бырыһыаннаах.
Быыбар учаастактара сабыллаллара аҕыйах чаас хаалла. Быыбардыы илик олохтоохтор Дойдубут историятыгар киирэр биир улахан тэрээһиҥҥэ кылааккытын киллэрэргэ тиэтэйиҥ.
«Амма олоҕо» хаһыат.