Билинии бэлиэтэ чахчы ытыктанар киһиэхэ туттарылынна

Суруйааччы, суруналыыс, бэйиэт, Амма улууһун, Бөтүҥ нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо Иван Корякин – Бөтүүнүскэйгэ CӨ Ытык Cүбэтин “Ытык кырдьаҕас” түөскэ анньыллар бэлиэтэ туттарылынна. 85 сааһын туолбут норуоттар икки ардыларынааҕы Суруйааччылар түмсүүлэрин, СӨ суруйааччыларын сойууһун чилиэнин, Сэбиэскэй эргиэн, СӨ бэчээтин туйгунун, журналистикаҕа “Кыһыл көмүс бөрүө” бириэмийэ лауреатын улуус баһылыга Степан Кузьмин, Бөтүҥ нэһилиэгин баһылыга Алексей Никитин эҕэрдэлээтилэр.

Сүүрбэччэ кинигэ, 39 ырыа буолбут хоһоон ааптара Иван Никитич ытык сааһын күн бэҕэһээ туолан ыраахтан-чугастан эҕэрдэлэри тутар. Амма улууһа киэн туттар кырдьаҕаһыгар Бөтүҥҥэ бүгүн улуус баһылыга Степан Николаевич ыалдьыттаата. Сүүрбэттэн тахса сыл улуус хаһыатыгар тыа хаһаайыстыбатын отделын сэбиэдиссэйинэн үлэлээбит Уйбаан Бөтүүнүскэй оройуон салайааччытыттан быйылгы оттооһун, бурдук хомуурун, кыстыкка киирии туһунан иҥэн-тоҥон ыйыталаста. “Хаһыаты көтүппэккэ ааҕабын, онон сонуну барытын билэргэ дьулуһабын. Үүккэ, окко, бурдукка тиэрдиллибит былааннар барыта туолбуттар диэммин үөрэбин”,- диэн кырдьаҕас билигин даҕаны улууһун тыатын хаһаайыстыбата сайдыытыгар долгуйа, ситиһиилэртэн тэҥҥэ үөрэ олорор.

Элбэх эдэр суруналыыстарга аҕа сүбэһит буолар киһибит суруналыыстыка, саха литературатын эйгэтигэр биллэр-көстөр суолу тэлэр, билигин даҕаны айар үлэ үөһүгэр сылдьар, саҥаттан саҥа кэпсээннэр, хоһооннор кини сытыы бөрүөтүн анныттан тахсаллар. Бээ, өссө кэргэнинээн Евдокия Семеновналыын сүөһүлэрин билигин даҕаны туталлар. Онон сааһырдыбыт диэн быар куустан олорбот Бөтүҥ нэһилиэгин биир ытыктанар, тумус туттар, элбэх оҕолоох, сиэннээх ыала атыттарга үлэлэринэн, дьоҥҥо-сэргэҕэ амарах сыһыаннарынан холобур буолаллар. Аныгыскы үбүлүөйдээх күҥҥэр көрсүөххэ диэри, Иван Никитич!

“Амма олоҕо” хаһыат.

Читайте дальше