Бэрэсидьиэн бэҕэһээҥҥи кэмпириэнсийэтин истибит дьонтон санааларын сураһан СӨ тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна Ньургун Гольдеровка тахса сырыттыбыт. Ньургун Васильевич ЛДПР баартыйа ыытар бэлиитикэтин өрдөөҕүттэн өрө тутар дьонтон биирдэстэрэ, бочуоттаах бэтэрээнэ Владимир Путин үлэтин бэркэ биһириирин биллэрдэ уонна кини былааһа күүһүрэрэ табыллар диир.
— Сыныйан олорон истибэтэҕим, киирэ-тахса сылдьан көрбүтүм. Эрээри дойду тыын кыһалҕаларын таарыйбыта биллэр буоллаҕа. Байыаннай эпэрээссийэ кэмигэр дойду политикатыгар улахан хамсааһын, уларыйыы тахсара табыллыбат. Быыбарга альтернатива суох, алта сыл Путин салайыыытынан барыахтаахпыт. История өйдөөх дьону үөрэтэр. Путин билигин 1914 уонна 1941 сыллардааҕы алҕастары хатылаабат. Нуучча историческай сирдэрин төнүннэрдэҕинэ табыллар. Бу Путин саамай улахан соруга.
Олег ЕГОРОВ.