Билсиҥ: Амма Даайыс саҥа айымньыта

Аммаҕа ыытыллыбыт Олоҥхо ыһыаҕар кэлэн барбыт ыалдьыттарбыт,бэл кыайан сылдьыбакка, тэлэбиисэринэн көрбүт дьон бэртээхэй ыһыах ыһыллыбытын, аммалар Олоҥхо ыһыаҕын үрдүк таһымҥа таһаарбыттарын туһунан үгүстүк суруйдулар, этиннилэр даҕаны. Онтон айар куттаах, СӨ суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, улуус хаһыатын уопсастыбаннай кэрэспэдьиэнэ Дария Васильева-Амма Даайыс күн бэҕэһээ саҥа хоһоон айан суруйан ыытта. Бүгүн саха национальнай бэчээтин күнүгэр хомоҕой тыллаах хоһоонньут Олоҥхо ыһыаҕар анаммыт саҥа айымньытын кытта билсиҥ. 


КЭНЭҔЭС КЭМНЭРГЭ КЭПСЭНИЭ!

Дьэ, доҕоор!
Кэскил суола кэтириир
Кэтэһиилээх кэмнэрбит
Кэлиилэрин саҕана,
Үрүҥ күммүт күлүм- аллан
Күлэн-үөрэн тыгыыта,
Күлүктэри сыҕарытан
Сылаанньыта тахсыыта,
Оһуор-дьарҕаа, дьэрэкээн
Дьэргэлдьийэ оонньоото,
Аҕа-Халлаан Сир- Ийэлиин
Ситии быанан ситимнэстэ!

Ыччат дьонун ыллыктаары
Ыһыах ыһар ычаламмыт
Күннээх Амма күргүөм күүһэ
Олоҥхоҕо туһуланна!
Олоҥхобут эбитээ — олох омун оонньуута,
Силистэрэ, мутуга, тирээбилэ, тирэҕэ,
Хас биирдии сахабын дэнэргэ
Сүрэҕин сырдата, сымната…

«Дьээ-буо!»этиигэ —
Өбүгэбит үөрүүтэ,
Эрэлэ, таптала, иэйиитэ,
«Дьээ-буо!» — бу кылгас тылынан
Төрүппүт эҕэрдэ ыыттаҕа!

Түһүлгэ олуһун симэнэн,
Уруйдуу норуоту көрүстэ,
Киэргэммит-симэммит көх сирбит
Аартыгын ааннарын арыйда!

Салама дьэргэстэй көстүүтэ —
Айылҕа өҥнөрүн байытта,
Саас, сайын, күһүннээх кыһыммыт —
Барыта кэрэтин санатта!

Үтүөкэн диэн күннэрбит үүнэннэр,
Олохпут үөрүүтэ үрдээтэ,
Өрөгөй-талааммыт үрдүктүк тутуллан,
Сахабыт саргыта улаатта!

Олоҥхо оонньуута,оһуохай тойуга —
Ойор күн хас биирдии утаҕар олорсон,
Дойдубут уйгутун, кэскилбит кэрэтин
Сир-дойду үрдүнэн тилэри тарҕатта!
Маанылаах айылҕа силиги ситэрэн,
Сардаана тырымын тыктарда,
Күөх чараҥ дьэдьэнэ ситэрин бэлэмнээн,
Сибэкки үрүҥүн тэлгэттэ!

Аал-Луук алгыстаах Ытык мас анныгар
Сэһэн сэргэҕэ сэргэннэ,
Сиэрдээх-майгылаах сэргэх дьон буолууга
Кут-сүр үөрэҕэ тэнийдэ!

Уран уус уруйа, айхала улаатта —
Мас ууһа кыһана кыста да кыста,
Оҥоһук бастыҥын көрүүгэ туруоран,
Түһүлгэ киэргэлэ дэттэриэн дэттэрдэ!

Иистэнньэҥ имигэс илиитин иччилээн,
Тарбаҕын талаанын талбалаан таһааран,
Хайдахтаах кэрэни-дьиктини айбытын алҕыырдыы,
Хас харах хайгыы да, сөҕө да көрдө!

Тимир уус өбүгэ дьоһуннаах дьоннордоох
Урааҥхай бастыҥа — Ил Дархан,
Кылыстыы сып-сытыы кылыргыыр кыптыыйы
Кытыастар кыһыл уот кутааттан таһаарда!

Дьэ уонна омуннаах оһуохай оонньууга
Оҕо да,оҕонньор да ойдоҕо,
Нап-нарын кыыс-дьахтар наҥначчы симэнэн,
Күөх хонуу устунан унаара хаамтаҕа!

Кыҥкыныыр кырыымпа кылыһах дорҕооно
Кыталык ырыатын санатта,
Кыраман ыраахха кырылыы кутуллан,
Күөх халлаан күөнүгэр кыырайда!

Сымара таастары
Сыа-сымныы тутааччы
Бухатыыр дуолаттар
Тыаллааҕар түргэттэр,
Кылыйан-ыстанан
Кыырт тэҥэ көтөннөр,
Тардыһар мастарын тоһутуох курдуктар!

СИР-ИЙЭ БЭЛЭҔЭ —
Бэртээхэй туой буортан
Кытыйа,чорооннор кэккэлээн турдулар,
Бэл,оҕо илиитэ таптайан таһаарбыт
Көмүлүөк оһоҕун сылааһа сыдьаайда!

ОЛОҤХО ЫҺЫАҔЫН АЛГЫҺА
КЫАЙЫЫНЫ-ХОТУУНУ АҔАЛЫА,
ДОЙДУБУТ ТУҺУГАР СОМОҔО БУОЛАРБЫТ
КЭНЭҔЭС КЭМНЭРГЭ КЭПСЭНИЭ!!!

Читайте дальше