Бүтэрэр сорук турар

Бу сайыҥҥыттан саҕалаан «Амма-Олимп» стадион аттыгар улахан хочуолунай тутулла турар. Амма хочуолунайдарыгар холооно суох баараҕай кыамталаах, ыччат кыбаарталын олоччу соҕотохтуу холкутук тардыа, сылытыа диэн сылыктыыллар. Быһыллыбыт былаанынан, быйыл оҥоһуллан бастакы 42 ыал холбонон быр курдук сылааска кыстыахтаахтар. Үлэ бүтүөхтээх бото болдьоҕо бу ыган кэллэ, «Хочуолунайга хаһан холбуугут?» диэн ыйытар дьон элбээтэ. Онно хоруй биэрээри улуус салалтата олохтоохтору кытары көрүстэ. 

Көрсүһүүнү улуус баһылыгын тутуу боппуруостарыгар солбуйааччы Виктор Смирников, ОДьКХ Амматааҕы филиалын дириэктэрэ Виктор Кузнецов уонна Амма нэһилиэгин баһылыгын солбуйааччы Василий Дьяконов тэрийдилэр. Тутуу бэдэрээччитин – “Сахаресурс” ХЭТ биригээдэтин салайар Максим Пиллеры ыҥырбыттара санаатын эттэ: “Мин биригээдэбэр уон алта киһи чопчу хочуолунайга үлэлии сылдьар. Былааммытынан — үлэни сыл түмүктэниэр диэри бүтэриэхтээхпит. Туох кыаллары-кыаллыбаты барытын оҥоробут”. Салгыы кини: “Хочуолунай уотун-күөһүн тардыахтаах электриктэр өрүс суола арылыннаҕына эрэ кэлэн үлэлиэхтээхтэр”, -диэн эбэн этэр. Хочуолунай бүтэн буруолаата да ыаллары холбуур үлэ тута барыаҕа диэн улуус баһылыгын солбуйааччы Виктор Смирников эттэ. Тохсунньу тымныытыгар уустуктардаах буолуо гынан баран, араас ньыма элбэх, сүрүнэ холбуур үлэни саҕалыахпыт диэн буолла. Манна ОДьКХ дириэктэрэ Виктор Кузнецов дьаарханар суола биир – хочуолунай бүгүҥҥүтэ сүүс бырыһыан ночооттоох үлэлиир туруктаах диэн. Былаан быһыытынан, лицей көҥдөйө бүтэн онно сылаас бэриллиэхтээҕэ уонна 42 ыал тутуспутунан ититэр ситимҥэ холбонуохтааҕа.

Кыбаартал олохтоохторо, кырдьык, икки саары икки ардыгар мунаахсыйан сылдьаллар. Хочуолунайга холбонор ыаллартан 150-нуу тыһыынча солкуобайы кыттыһарга түһээн олохтообуттарыттан аҥара эрэ төлөөбүт.

Нэһилиэк баһылыгын солбуйааччы Василий Дьяконов харчыны төһө кыалларынан түргэнник хомуйа охсорго сүбэлээтэ: “Эрдэ ОДьКХ-лары кытары кэпсэтэн турабыт, кинилэр быйыл матырыйаалларын харчытын бэйэлэрэ уйунан ылан оҥордулар. Онтон биһиги бастакы этапка холбонуохтаах 42 ыал харчытын хомуйаммыт биэрдэхпитинэ, ОДьКХ эһиил үлэ иккис этабыгар туттар матырыйаалын ылан, аны саас, өрүс суола баар эрдэҕинэ, тиэйэн аҕалан кэбиһиэхтээх диэн. Онон, хомуйдубут даҕаны иккис этап теплотыраассата саҕаланыахтаах. Харчыны ситэ хомуйбатахпытына – иккис этабы тохтотон кэбиһиэхтэрэ”.

Виктор Смирников 150 тыһыынчаны соруммут киһи уйунар харчыта диэн сыаналаата: “Сүрдээх элбэх харчыны кыттыһабыт дии санаамаҥ, атын нэһилиэктэр төһөлүүнү кыттыспыт уопуттарын билэр киһи көрүүбэр, бу кыра соҕус суума. Бу саас дьокутааппыт Александр Корякин, оччолорго ОДьКХ миниистирин солбуйааччытынан үлэлии сылдьан, Аммаҕа кэлбитэ. Онно кини саҥа хочуолунайга үс этабынан ыаллары холбуурга, быһа барыллаан, 189 мөлүйүөн солкуобай ирдэнэр диэн эппитэ. Мантан, практика көрдөрөрүнэн, 65% — ол аата 113 мөлүйүөнэ аҥардас матырыйаал ылыытыгар эрэ барар. Үс этабынан, барыта холбоон, 266 ыал холбонуохтаах. Олор кыттыһар 150 тыһыынчаларын ааҕан таһаардахпытына – 46 мөлүйүөн буолан тахсар. Манна, дьиҥинэн, матырыйаал бэйэҕэ турар сыанатынан таһаардахха, биир ыал төлүүр суумата 500 тыһыынча солкуобай буолуох этэ. Ону биһиги 150 тыһыынчанан быстыбыт. Аны, бу 150 тыһыынча халбаҥнаабат суумма. Тимир сыаната, ону таһар-аҕалар өҥө төлөбүрэ сылтан сыл ыараан иһэр. Эһиил даҕаны чэпчиирин кэтэспэппит, үрдүөҕэ. Ону ол диэбэккэ, иккис уонна үһүс этапка холбонуохтаах ыаллар син биир 150 тыһыынчаны төлүүгүт“. Виктор Владимирович этэринэн, үлэ иккис, үһүс этаптара саҕаланар болдьоҕо харчы төһө түргэнник хомулларыттан уонна ОДьКХ ГУП эһиилги инвест бырагыраамматыгар төһө харчыны көрөн, бырайыагын хайдах оҥороруттан тутулуктаах.

Олег ЕГОРОВ.

Читайте дальше