Судаарыстыбаннас күнүгэр Болугур нэһилиэгэр бэлиэ тэрээһин буолан ааста. Кэлэр кэнчээри ыччакка кэс тыллаах, ахтыылардаах, хаартыскалардаах уонна Болугур сириттэн-уотуттан ылыныллыбыт туой иһиккэ кутуллубут мүөттээх капсуланы аны 50 сылынан, Саха өрөспүүбүлүкэтэ тэриллибитэ 150 сылыгар аһарга диэн ууруу үөрүүлээх уонна долгутуулаах тэрээһинэ ыытылынна. Бэлиэ тэрээһиҥҥэ кыттыыны улуус дьокутааттара Валентин Петров, Эльвира Пестерева ыллылар.
“Биһиги быйыл арыый тардыллан да буоллар, Саха АССР төрүттэммитэ 100 сылыгар анаммыт монумеммытын туруоран, бириэмэ капсулатын уктубут. Монумеммыт бириэмэтигэр турбатаҕа эмиэ да үчүгэйдээх буолла диэххэ сөп. Ол курдук матырыйаалларын биэрбэккэ сылдьыбыт сорох дьоммут биэрэннэр, барыта ситтэ-хотто. Онон ону барытын түмэн капсулаҕа уктубут. Ону аны 50 сылынан арыйыахтара. Биһиги бу үтүө үгэһи салгыыр курдукпут. Ол курдук ааспыт сылга биһиги биир дойдулаахтарбыт 50 сыл аннараа өртүгэр, Саха АССР 100 сылын туолар үбүлүөйүгэр арыйдыннар диэн хаалларбыт капсулаларын үөрүүлээхтик арыйбыппыт. Ол капсулаҕа угуллубут матырыйааллар билигин барыта оскуола музейыгар үчүгэй баҕайытык ууруллан тураллар. Онон ким көрүөн баҕарар баран билсиһиэн сөп. Онтон биһиги бу капсулабытыгар билигин үлэлии-хамсыы сылдьар дьоммут-сэргэбит, тэрилтэ салайааччылара ахтыы суруйан киллэрдилэр. Ону сэргэ биһиги нэһилиэкпит территориятыгар баар “Земляничка” туристическай база салайааччыта Пестерева Эльвира Васильевна мүөт биэрдэ. Ол мүөтү бэйэбит Болугурбут туойуттан биир дойдулаахпыт Устинов Степан Прокопьевич оҥорбут иһитигэр кутан бу капсулаҕа эмиэ уктубут. Дьэ ону 50 сылынан билигин баар оҕолорбут арыйан көрөн билиэхтэрэ буоллаҕа, болугур мүөтэ буорту буолар эбит дуу суох дуу диэн”, — диэн Болугур нэһилиэгин баһылыга Андрей Петров кэпсээтэ.
Бу күн эмчит идэлээх, Болугур нэһилиэгиттэн төрүттээх, Мэҥэ Хаҥалас улууһун Бүтэйдээҕиттэн Варвара Федорова күндү ыалдьыт буолан, бэйэтин алгыһын биир дойдулаахтарыгар тириэртэ. Киниэхэ баһылык Андрей Петров Болугур нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо буолбутун туоһулуур дастабырыанньаны бар дьонун дохсун ытыһын тыаһын ортотугар туттарда.
“Амма олоҕо” хаһыат