Болугурдар ойуур баһаарыттан харыстанар миэрэлэри ыылаллар

Нэһилиэги ойуур баһаарыттан харыстыыр сыаллаах сэрэтэр үлэлэр кытаанах ирдэбилгэ тураллар. Болугур нэһилиэгин дьаһалтата бу хайысхаҕа үлэтин саҕалаата.

Биһиги нэһилиэкпит  ойууртан эмиэ чугас соҕус турар. Онон бу өттүгэр үлэбитин хайа сатанарынан ыыта сылдьабыт. Бу күннэргэ ыарахан техникалаах тэрилтэни кытта кэпсэтэн  баһаартан сэрэтэр балаһаларбытын оҥоро сылдьабыт. Ол курдук эрдэ 30 миэтэрэ кэтиттээх гына ойуурун кэрдибиппит. Билигин 10 миэтэрэ кэтиттээх балаһатын оҥордубут. Уопсайа  1 км усталаах буолла. Онтон  бюджеппитигэр үп-харчы көрүнэн салгыы бу үлэни ыытыахпыт. Биллэн туран ыарахаттардаах. Ол гынан баран сокуон ирдэбилин тутуһабыт уонна толоробут”, — диэн нэһилиэк баһылыга Андрей Петров билиһиннэрдэ.

 

Ааптар: «Амма олоҕо» хаһыат

Читайте дальше