Болугур нэһилиэгин М.А. Ноговицын аатынан култуура киинэ «Кэрэни кэрэхсээ» тэрээһининэн үлэтин сезонун арыйда. Туойунан дьарыктанарга хос арыйыыта, үҥкүү ансаамбылын 10 сыллаах үбүлүөйүн бэлиэтээһин, Олоҥхо ыһыаҕар кыттыыны ылбыт дьону бэлиэтээһин, онтон да атын тэрээһиннэр олохтоохторго, ыалдьыттарга умнуллубат түгэннэри бэлэхтээтилэр.
Бу күн ыалдьыттарбыт — Амма улууһун култуураҕа уонна норуот айымньытын салалтатын сүрүннүүр исписэлиистэрэ тэрээһиннэрбитигэр сылдьан бардылар. Ол курдук, сарсыардаттан саҕалаан «Кулун атах култуурата, өбүгэ быстыбат ситимэ» бырайыак чэрчитинэн төгүрүк остуол тула инники үлэ хайысхатын сүбэлэһэн, бэрт туһалаах кэпсэтии буолла. Манна Болугур нэһилиэгин «Ытык сүбэ», «Наследие» түмсүү салайааччыта Устинов Степан Прокопьевич кыттыыны ылла.
Эбиэт кэннэ «Туой — төрүт үгэспит» туойунан дьарыктаныыга анал хоһу арыйыы үөрүүлээх чааһын «Сарыада» фольклор бөлөҕө тыыннаах доҕуһуолунан киэргэттилэр. Амматтан кэлбит ыалдьыттарбытыгар Митиненко Роман Иванович туойунан оҥоһукка маастар кылаас ыытта.
Киэһэ 5 чаастан Туос ураһа тутуутун үлэтин хаамыытын нэһилиэнньэҕэ сырдаттыбыт, ону кытта 17-с өрөспүүбүлүкэтээҕи Олоҥхо ыһыаҕар кыттыыны ылбыт оҕолорбутугар, улахан дьоммутугар Махтал суругу кытта туоһу суруктары туттартаатыбыт.
6 чаастан «Сырдык» үҥкүү ансаамбыла «Сырдыгынан сыдьаай…» диэн 10 сыллаах үбүлүөйдээх дьоро киэһэлэрэ элбэх ыалдьыттардаах үрдүк таһымҥа ааста.
Ыҥырыылаах ыалдьыттарынан урукку кэмҥэ, билигин да салайа сылдьар хореографтар Андреева Анна Константиновна, Борисова Оксана Васильевна уонна «Сырдык» үҥкүү ансамбылын таҥаһын — сабын тигэр иистэнньэҥнэр Гаврильева Изабелла Васильевна, Максимова Лена Афанасьевна буоллулар. Элбэх үҥкүү үҥкүүлэннэ, ырыа ылланна. Маны таһынан киирии билиэтинэн «Сырдык» үҥкүү ансамбыла айылҕа бэлэҕиттэн, бэйэлэрин илиилэрин сылааһынан оҥоһуллубут оҥоһуктары, бокстары оҥорон оонньоттулар. Бу киэһэ элбэх истиҥ эҕэрдэлэр, бэлэхтэр туттарылыннылар. «Болугур нэһилиэгэ» МТ баһылыгын солбуйааччыта Эверстова Любовь Афанасьевна, кырдьаҕастар сэбиэттэрин бэрэссэдээтэлэ Кондакова Надежда Иннокентьевна, «Арчылаана», «Чөмчүүк» түмсүүлэр, «Күбэйэ» женсовет, «Дойдууна» ансамбыл, 35 выпустар истиҥ тыллары тиэртилэр. «Сырдык» ансаамбыл кыргыттарын күүстээх аҥардара, кэргэттэрэ, биир үөлээннэхтэрэ тыыннаах сибэкки дьөрбөтүн туттаран киэһэбит олус истиҥник түмүктэннэ. «Сырдык» үҥкүү ансамбылын кыргыттарыгар өссө да үҥкүү кэрэ абылаҥар уйдаран, дьоҥҥутун — сэргэҕитин саҥа кэрэ үҥкүүлэринэн киэргэтэ, бэлэх ууна туруҥ диэн баҕа санаабытын тиэрдэбит. Ансаамбыл салайааччыта Аммосова Зоя Михайловна түмэр сатабыллаах салайыыгынан үтүө түмүктэр, кыайыы — хотуу кэлэ турдуннар. Ансамбыл саҥа хореограба М.А. Ноговицын аатынан култуура киинин балетмейстера Васильева Анна Николаевнаҕа ситиһиилээх үлэни, саҥа үҥкүүлээр тахсан истиннэр диэн баҕа санаабытын тиэрдэбит.
Евдокия Платонова.