Болугурдары үлэ сомоҕолуур

«Төрөөбүт түөлбэҕин харыстаа, айылҕаҕар чугас буол» диэн этиинэн, Болугур нэһилиэгэ Күөх маайы, Үлэ, Эйэ бырааһынньыгын дьиэ кэргэнинэн, түөлбэнэн күргүөмнээх субуотунньугунан көрүстүлэр.

«Эйэ, Үлэ, Күөх Маай» сомоҕолоһуу, ыраастаныы субуотунньуга дьону түмэр, дойдубут, улууспут, нэһилиэкпит ыраас буоларыгар, кэскиллээх эдэр ыччаттарбытын, оҕолорбутун бу үгэскэ сыһыаран иитэбит. Бар дьоммутугар чэгиэн туругу, үлэ аргыстаах дьоллоох буолун диэн баҕа санаабытын тиэрдэбит. Үлэ киһини киэргэтэр.

Евдокия Платонова.

Читайте дальше