Болугурга “Чөмчүүк” ансаамбыл үбүлүөйүн бэлиэтээтэ

Болугур нэһилиэгэр «Алгыс саргыта Уруйданнын» диэн Болугур нэһилиэгин  «Чөмчүүк» дьахталлар түмсүүлэрэ тэриллибитэ 10 сыллаах үбүлүөйдээх дьоро киэһэтин бэлиэтээтилэр.  Түмсүү салайааччыта Болугур нэһилиэгин  бочуоттаах  олохтооҕо, үлэ бэтэрээнэ Оксана Ефремова буолар.


Өссө 2014 сыллаахха нэһилиэк далбардара «Сиитэс баала — 2014» тэрээһиҥҥэ кыттан, бары сиитэс былааччыйа тиктэн, нэһилиэк иннигэр «Чөмчүүк» түмсүү диэн сүрэхтэммиттэрэ. Бу түмсүүнү тэрийэргэ, оччолорго нэһилиэк баһылыгын солбуйааччы Светлана Ефимова, култуура дириэктэрэ Ульяна Кузьмина үгүс  элбэх көмөнү, сүбэни биэрэн тэрийсибиттэрэ. Түмсүүгэ тарбахтарыгар талааннаах, араас идэлээх кыргыттар бааллар. Ол курдук нэһилиэккэ, улууска, өрөспүүбүлүкэҕэ ыытыллар араас тэрээһиннэргэ көхтөөх кыттыыны ылаллар. «Чөмчүүк» түмсүү кыттыылаахтара култуура киинин иһинэн ыытыллар ырыа, фольклор, үҥкүү куруһуоктарыгар сылдьан үгүс кэнсиэрдэргэ, араас таһымнаах күрэхтэргэ куруук кыттан ситиһиилэрэ элбэх. Ону таһынан хаҥсык ыарыы кэмигэр, байыаннай дьыалаҕа сылдьар уолаттарга, нэһилиэкпит кырдьаҕастарыгар, кыаммат араҥатыгар ыытыллар элбэх аахсыйаларга кытталлар. Эдэр ийэлэргэ  араас маастар — кылаастары оҥорон көмөлөрө сүрдээх элбэх. Түмсүү кыргыттара тарбахтарыгар талааннаах буоланнар сахалыы мааны былааччыйаларын, кэмпилиэк соннорун тиктэн, сылын аайы ыытыллар «Якутия мастеровая» сэлэлээн хаамыыга кыттыыны ылаллар. Быйыл Аммабыт улууһугар ыытыллыбыт өрөспүүбүлүкэтээҕи Олоҥхо ыһыаҕар бэйэлэрин кылааттарын киллэрэн олбох тигиитигэр, араас үлэлэргэ, сахалыы таҥас күрэҕэр, быыстапкаларга кыттыыны ылбыттара.

Үбүлүөйдээх дьоро киэһэбитигэр Болугур нэһилиэгин аҕа баһылыга Андрей Петров истиҥ эҕэрдэ тылын, сыралаах үлэлэрин, нэһилиэк, улуус сайдыытын туһугар үгүс махтал тыллаах наҕараадалары туттарда.

Ол курдук, СӨ култууратын уонна духуобунаһын сайдыытыгар кылааттарын иһин СӨ Ил Түмэнин кэмитиэтин  Бочуотунай грамотатынан Гликерия  Иванова, Саргылана  Наумова, үрүҥ көмүс бэлиэлээх Амма улууһун Бочуотунай грамотатынан,  улуус дьаһалтатын Махтал суругунан  Оксана Ефремова,  «Болугур нэһилиэгэ сайдыытыгар кылаатын иһин» бэлиэнэн  Акулина  Андреева,  Елена  Ефремова,  Амма улууһун култууратын уонна норуотун айымньытын салалтатын Бочуотунай грамотатынан  Екатерина Максимова, Галина Филиппова, Александра Чирикова,  «Болугур нэһилиэгэ сайдыытыгар кылаатын иһин» бочуотунай бэлиэнэн Елена  Максимова, «Болугур нэһилиэгин култуурата уонна духуобунаһа сайдарыгар кылаатын иһин» Бочуотунай грамотанан Зинаида  Григорьева, Галина Неустроева, Александра  Окорокова, СӨ  дьахталлар тэрилтэлэрин Махталынан Галина  Максимова, Аграфена Филиппова, Олоҥхо ыһыаҕын тэрийиигэ уонна үрдүк таһымнаахтык ыытыыга көхтөөх кыттыы иһин Амма улууһун баһылыгын Махтал  суругунан  Екатерина  Андреева, Прасковья Михайлова, Лидия Петрова, Ульяна Окорокова наҕараадаланнылар. Бу киэһээ бэйэлэрин  эҕэрдэлэрин нэһилиэкпит кырдьаҕастарын сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ  Надежда Кондакова, «Арчылаана» эбэлэр түмсүүлэрин салайааччыта Ульяна Иванова, «Үһүс көлүөнэ» түмсүү салайааччыта Матрена Алексеева, «Күбэйэ» дьахталлар хамсааһыннарын салайааччыта Мария Пермякова, олохтоох бибилэтиэкэттэн Марианна  Егорова, «Дойдууна», «Сырдык» ырыа — үҥкүү ансамбыл кыттыылаахтара, М.А. Ноговицын аатынан култуура киинин дириэктэрэ  Ульяна  Кузьмина  тиэртилэр, бэлэхтэрин туттардылар.  Бу күн «Чөмчүүк» түмсүү уран тарбахтаахтарын быыстапката, эҕэрдэ кэнсиэрин көрөн дьоммут үөрүүлэрэ кэмэ суох. Күндү дьоммутугар баҕарабыт уҕараабат эрчими, ситиһиилээх үлэни, кытаанах доруобуйаны. Бу курдук дойдубут сайда, чэчирии турарыгар үлэлээн — хамсаан, түмсүүлээх буолуоҕуҥ.

Евдокия ПЛАТОНОВА

Читайте дальше