Болугурга дипломнай үлэлэр сэргэхситиини таһаардылар

Болугур нэһилиэгэр А. Д. Макарова аатынан Дьокуускайдааҕы култуура уонна ускуустуба кэллиэһин төрүт култуура салаатын 4-с курсун устудьуоннара София Сидорова, Екатерина Осипова, ону тэҥэ режиссура салаатын 4-с курсун устудьуона Владислав Охлопков үлэлэрин түмүктүүр киэһэлэрэ буолан ааста.  Устудьуоннар ханнык туруорууну көрөөччү дьүүлүгэр таһаардылар?

Саха кыыһа — сир ийэ сиэдэрэй симэҕэ. Кыыс оҕо кэрэни кэрэһэлиир, үтүөҕэ, үйэлээххэ угуйар, олох сырдык, ыраас, истиҥ иэйиилэрин күүһүрдэр айылҕа абылаҥнаах айыыта буолар. Кыыс оҕо —  омук анала. Кыыс оҕо аал уоту араҥаччылыыр, алаһа дьиэни иччилиир, төрөтөр оҕону төлкөлүүр, иитэр сүөһүнү күрүөлүүр аналлаах. Олунньу ый 16, 17 күннэригэр  нэһилиэкпитигэр  Дьокуускайтан А. Д. Макарова аатынан култуура уонна ускуустуба кэллиэһин төрүт култуура салаатын 4-с курсун устудьуоннара София Сидорова, Екатерина Осипова,  режиссура салаатын 4-с курсун устудьуона Владислав Охлопков үлэлэрин түмүктүүр киэһэлэрэ бэрт сэргэхтик буолан ааста.  Владислав Охлопков дипломнай үлэтэ оскуола оҕолоругар, олус сэргэх  “Болугур – мин дойдум” квест оонньуу буолла. Бу оонньууга 9, 10, 11 кылаас оҕолоро кыттыыны ыллылар. Оонньуу саҕаланыытыгар кыраайы үөрэтэр Тимофей Трофимович Никифоров быыстапката, истиҥ сэһэргэһиитинэн саҕаланна.

Оонньуу хас да точканан буолла. Ол курдук Е.Е. Пахомов аатынан Болугур орто оскуолата, «Тускул» иитэр – үөрэтэр киин (салайааччы Сахаяна Кожурова), М.А. Ноговицын аатынан култуура киинэ. Оонньуу тухары дьүүллүүр сүбэ батыһа сылдьан сыаналаата. Дьүүллүүр сүбэҕэ оскуолаттан Анна Иванова, кулууптан  Евдокия Платонова, олохтоох дьаһалтаттан ыччаты кытта үлэҕэ исписэлиис Анатолий  Пермяков киирдилэр.

Бу дипломнай үлэ оҕолору элбэххэ үөрэтэн, төрөөбүт дойдуну, төрөөбүт түөлбэлэрин историятын билэллэрин, интириэһиргииллэрин көрдөрдө. Оонньууга оҕолор араас боппуруоска эппиэттээн, сорудахтары толорон, хоһоон айан кытыннылар. Маннык оонньуулары оҕолорго элбэхтэ ыытан, эйгэлэрин кэҥэтэр, көрүүлэрин байытар наада эбит диэн түмүккэ кэллибит. Дипломнай оонньуу түмүгэр дьүүллүүр сүбэ кыайыылаахтары  быһааран, Добун суругу кытта бириис туттартаата. Владиславка инники үөрэҕэр, үлэтигэр ситиһиилэри баҕарабыт.

Өбүгэлэрбититтэн суруллан хаалбыт, олоххо туттуллар сиэрдэр – туомнар олус элбэхтэр. Олортон биирдэстэринэн Кыыс сүктүүтэ уонна Төрүүр дьахтар сиэрэ – туома буолаллар.  Ол курдук   “Кыыс сүктүүтэ”, “Дьахтар төрүүр” сиэргэ – туомҥа олоҕурбут туруоруубут күн сирин көрдө. Саалаҕа дьон – сэргэ тоҕуоруһан, өр кэмҥэ бэлэмнэнэн, элбэх дьон кыттыылаах, олус истиҥ киэһээни бэлэхтээбит күндү устудьуоннарбытыгар махтанабыт. Кыттааччылар хас хамсаныыларын, саҥаларын барытын чочуйан, үөрэтэн олох сөпкө туруоруллубут үлэ диэн сыаналыыбыт. Кырдьык сыралаах үлэттэн турбут, боростуой испэктээх буолбатах буолан, көрөөччү интириэһин тарта.

Туруорууну сыаналаабыт дьүүллүүр сүбэлэрбит,  Болугур нэһилиэгин аҕа баһылыгын солбуйааччы Софронова Раиса Николаевна, М. А. Ноговицын аатынан култуура киинин дириэктэрэ Кузьмина Ульяна Юдовна, Е.Е. Пахомов аатынан Болугур орто оскуолатын саха тылын учуутала Петрова Татьяна Прокопьевна  саамай үрдүк сыананы туруордулар.

Бу туруоруубутугар «Сарыада» фольклорнай бөлөх кыттыылаахтара кытыннылар. Түгэнинэн туһанан фольклорнай бөлөххө махталбытын тиэрдэбит. Оруолларга оонньоотулар: дьүөгэ кыргыттар – Нарыйаана Константинова, Любовь Потапова, Дайар – Сарыал Охлопков, Дайар аҕата – Тимофей Александров, Баай Баһылай – Владимир Тимофеев, Алааппыйа – Сайына Павлова, Күөгэйэ – Туяра Харитонова, оҕо көтөҕөөччү дьахтар – Анна Иванова, Айыыһыт – Наталья Ксенофонтова, төрүүр дьахтар – Зоя Аммосова, тойуксут – Наталья Софронов олус бэркэ оонньоотулар. Оҕолорбут, ыччаттар сиэри – туому кэлэн көрбүттэрэ, сэргээбиттэрэ хайҕабыллаах. Испэктээх  көрөөччү биһирэбилин ылыан ылла. Устудьуоннарбытыгар үөрэ хтэригэр, үлэлэригэр үрдүктэн – үрдүк ситиһиилэри, кытаанах доруобуйаны баҕарабыт.

Евдокия ПЛАТОНОВА

Читайте дальше