Албан ааттаах комсомол эдэр ыччаты биир сомоҕо гынан түмэ тардан дойдубут сайдыытыгар киллэрбит кылаата сүҥкэн улахан. Болугур нэһилиэгин олохтоох бибилэтиэкэтигэр урукку комсомолецтар бэртээхэй тэрээһиҥҥэ түмүстүлэр.
Комсомол тэриллибитэ 105 сылын көрсө «Дьикти эйгэ» түмсүү коллекционердара олохтоох бибилэтиэкэ үлэhиттэрин кытта «Комсомол, сүрэхпэр төлөнүҥ суhумнуур» диэн тематическай тэрээhин ыыттыбыт. Тэрээhиммит бастакы чааhыгар оччотооҕу кэм комсомоллара уонна билиҥҥи ыччаттар икки ардыларыгар көрсүhүү буолла. Манна биhиэхэ Марианна Лазаревна Седалищева кылаас салайааччылаах орто оскуола 10-с кылааhын үөрэнээччилэрэ ыалдьыттаатылар.
Комсомол кэмигэр үлэлээбит аҕам саастаах дьоммут эдэр саастарын, комсомол саҕанааҕы сыллары ахтан-санаан, билиҥҥи кэм ыччаттарыгар ирэ-хоро кэпсээтибит, ол сыллар күргүөмнээх кэмнэрин кэрэhэлиир, ситэрэн-хоторон биэрэр быыстапка көрдөрдүбүт, сырдаттыбыт. Ийэ дойдуну таптыырга, үлэҕэ бэриниилээх буолууга, куруутун үлэҕэ, үөрэххэ инники күөҥҥэ сылдьарга иитиллибиппитин ыччаттарбытыгар тиэрдэр гына ахтан-санаан аастыбыт. Тэрээhин иккис чааhыгар «Субуотунньук аhа» диэн ол кэмнээҕи ыhык аспытын тардан, истиҥник санаhан эдэр сааспытыгар төннөн ыллыбыт.
Урукку сетка суумка иhигэр хаhыат суулаах арыылаах килиэп үрдүгэр өрүс лууктаах, куhуок саахардаах, бүтэйдии буспут хортуоскалаах, сымыыттаах, туустаах сибиинньэ сыалаах өйүө арааhа таҕыста. Оссө кумааҕы бүөлээх таас бытыылка иhиттээх үүттээх чэйбитин, курууска иhиттээх аспытын минньигэстик аhаан, ахтылҕаммытын таhаардыбыт. Биhиэхэ анаан бибилэтиэкэр кыргыттар Марианналаах Наталья комсомол бойобуой суолларын историятыттан викторина ыытан, биhиги эппиэттэhэн сөхтөрдүбүт.
Оччотооҕу ыччаты үлэҕэ, үөрэххэ кынаттаабыт ырыаларбытын ыллаатыбыт. Бибилэтиэкэрдэр туоhу суруктаах бары уопсай түспүт хаартыскабытын тута бэчээттээн биэрэн үөрүүбүт үксээтэ, сүргэбит көтөҕүлүннэ. Улуу Ленин комсомолун 105 сылынан эдэр сааhым эрэллээх аргыстарыгар эҕэрдэ буоллун.
Марфа АММОСОВА