Болугур нэһилиэгин Омоллоон учаастагар тыа хаһаайыстыбатын эйгэтигэр биир бэлиэ түгэн буолла. Ол курдук саха ыччат сүөһүтүн уотууга туһуламмыт былаһаакка арылынна. Манна өрөспүүбүлүкэ улуустарыттан түмүллэн 50 сүөһү үчүгэй аһылыкка туран, сэтинньи ыйга минньигэс эт буолан, ыал сандалытыгар ууруллуо турдаҕа. Бу СӨ «Саха сүөһүтэ» генофонда хааһына тэрилтэтин саҥа бырайыага буолар.
Былаһаакканы Болугур нэһилиэгин Күллэги учаастагар саха ынаҕын иитиитинэн дьарыктанар Трофим Окороков тутан үлэҕэ киллэрдэ. Бу ыччат сүөһү балаҕан ыйыттан саҕалаан сэтинньи ый саҥатыгар, идэһэ өлөрүллүөр диэри турар сабыылаах сарайа устата 40 миэтэрэ, кэтитэ 10 миэтэрэ. Эбийиэк аһыллыбытын туоһулуур аалай лиэнтэни үөрүүлээх быһыыга-майгыга Амма улууһун тыатын хаһаайыстыбатын управлениетын салайааччыта Ион Кононов, СӨ «Саха сүөһүтэ» генофонда хааһына тэрилтэтин дириэктэрэ Александр Артемьев, Болугур нэһилиэгин баһылыга Андрей Петров уонна тутууну ыыппыт Трофим Окороков быстылар. Аал уоту оттон, саҥа былаһаакка кэскиллээхтик үлэлээтин диэн СӨ тыатын хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, Омоллоон учаастагыттан төрүттээх, тыа хаһаайыстыбатын управлениетын бэтэрээнэ Алексей Филиппов алгыс тылын тириэртэ. Үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ улуус бөдөҥ хаһаайыстыбаларын бэрэссэдээтэллэрэ, улуус бааһынайдарын хаһаайыстыбатын ассоциациятын бэрэссэдээтэлэ Александра Цыпандина кыттыыны ыллылар.
“Бу аан бастакы саҕалааһын буолар. Манна биһиги саха ыччат сүөһүтүн сэтинньи бастакы күннэригэр диэри төлөһүтүөхпүт. Кинилэри эбии аһылыгынан күүскэ аһатабыт. Икки үлэһит көрүө-истиэ. Ону сэргэ биһиги тэрилтэбит зоотехнига Очир Мухленов сүөһүлэр сөптөөх аһылыгы ылалларын хонтуруоллаан рационнарын бэлэмниэ. Мин бу саҕалааһыммытын өйөөбүт Амма улууһун дьаһалтатын баһылыгар Степан Николаевич Кузьмиҥҥа, тыа хаһаайыстыбатын управлениетын салайааччытыгар Ион Семенович Кононовка, Болугур нэһилиэгин баһылыгар Андрей Никитич Петровка, ону сэргэ бэйэтин оттуур ходуһатын биэс сыл арендаҕа биэрбит “Болугур” хаһаайыстыба бэрэссэдээтэлигэр Михаил Петрович Ксенофонтовка махталбын биллэрэбин. Хаһаайыстыба сайын ходуһатын толору оттуоҕа. Онтон күһүн ыраастаммыт ходуһатыгар хаар түһүөр диэри сүөһүлэр киирэн мэччийиэхтээхтэр. Биллэн туран сүөһүнү уотуу, төлөһүтүү саҥа киирии буолбатах. Урукку сыллартан сүөһүлэр уотууга турбуттара. Ол гынан баран саха сүөһүтүн уотуу саҥа киирэр сүүрээн буолар. Түмүк хайдах буоларын билигин этэр кыах суох. Арай баҕа санаабыт диэн сүөһү күҥҥэ 600 грамм эбиллэрин ситиһии. Биллэн туран ол уустук сорук. Билигин манна турар сүөһүлэр 2-3 саастаах сүөһүлэр”, — диэн этэр Александр Еремеевич.
Былаһааккаҕа уопсайа быйылгы сылга 50 төбө киириэхтээх. Күн бүгүн Мэҥэ Хаҥалас Сыымаҕыттан, “Өргөннөөх” учаастагыттан 14 сүөһүнү аҕалбыттар. Ону кытта Нам Таастааҕыттан, Горнай Маҕараһыттан уонна Болугуртан ыччат сүөһү уотууга кэлэн туруохтаах. Кылаабынай зоотехник Очир Мухленов бэлиэтииринэн, былаһаакка тутуллубут территорията олус үчүгэй, киэҥ, сүөһү хойукка диэри мэччийэригэр олус табыгастаах. Манна кэлбит сүөһүлэр бары аттанан, уотууга бэлэмнэниллибиттэр. Оҕустар Аммаҕа үүннэриллибит бурдугунан, сенаһынан, соломонон, отунан аһыахтара, ууларын анаан-минээн сылытан биэриэхтэрэ.
“Сүөһүлэрбит аһылыктарын хааччыйыыга дойдум дьоно күүс-көмө буоллулар. Онон өссө төгүл махтанабын. Ол курдук “Амма” ААУо генеральнай дириэктэрэ Роман Спасьев быйыл саҥа быстарыллыбыт туорахтаах култууратынан, “Кэскил” ХЭТ бэрэссэдээтэлэ Александр Алексеевич Карманов сибиэһэй 15 тонна сенаһынан, Покровка бааһынай хаһаайыстыбатын салайааччыта Игорь Петрович Петров соломо эрийтэрэн биэрдилэр. Онон саамай улахан баҕа санаам диэн дойдубар, Омоллоон курдук ытык дойдуга саҕалаабыт бырайыакпыт табыллан үчүгэй түмүккэ кэлбит киһи диэн. Онон бу саҕалааһыҥҥа Амма дьоно-сэргэтэ көхтөөхтүк кыттыбытыттан үөрэбин уонна үлэбит ситиһиилээх буоларыгар эрэнэбин”, — диэн Александр Еремеевич баҕа санаатын тириэртэ.
Аны күһүн сэтинньи ыйга Идэһэ бырааһынньыгын иннинэ манна төлөһүйбүт сүөһүлэртэн сөптөөх бородууксуйаны Амма улууһун олохтоохторугар анаан “Саха ынаҕа” тэрилтэ атыы-эргиэн тэрийэр былааннаах. Онон аммалар бэйэбит төрүт сүөһүбүт минньигэс хатыламмат этин амсайар кыахтанабыт.
Былаһаакка туһунан сиһилии “Амма олоҕо” хаһыакка ааҕаарын.
“Амма олоҕо” хаһыат