Болугурга Саҥа дьылы көрсө үөрүүлээх түгэн үүннэ

Биэс сыл устата Амма уонна Уус Маайа улуустарын норуодунай дьокутаатынан үлэлээбит Руслан Федотов Болугур нэһилиэгин элбэх оҕолоох ыалларыгар Саҥа 2024 сылы көрсө бэлэхтэри оҥорон дьиэ кэргэттэр үөрүүлэрин үксэттэ.

Бу туһунан нэһилиэк баһылыгын солбуйааччы Раиса Софронова астынан туран кэпсээтэ.
«Аммалар киэн туттар киһибит Руслан Еремеевич Федотов биһиги нэһилиэкпит элбэх оҕолоох ыалларыгар саҥа дьыллааҕы минньигэс бэлэх уонна биэстэн элбэх оҕолоох ыалга Саҥа дьыл бэлиэтэ — харыйаны, ону кытта харыйа симэҕэ бэлэх уунна. Онон нэһилиэк дьаһалтата, дьоно-сэргэтэ уонна биллэн туран бары бэлэх туппут ыалларбыт Руслан Еремеевичкэ дириҥ махталбытын тириэрдэбит уонна чэгиэн буоларыгар, үлэтигэр-хамнаһыгар ситиһиилэри баҕарабыт«,- диэн Раиса Николаевна этэр.

«Амма олоҕо » хаһыат.

Читайте дальше