Болугур орто оскуолатыгар бэрт сэргэх, сонун күн буолла. Биир күн төрөппүттэр кэлэннэр учуутал оруолун толорон уруоктары ыыттылар.
Төрөппүттэр бу эппиэттээх күҥҥэ кфһаллан бэлэмнэннилэр. Эрдэттэн туһааннаах предмети биэрэр учууталлартан сүбэлэтэн, сорудахтары ылан, бэлэмнэнэн уруоктары ыыттылар. Түмүккэ тэрээһини бары олус сөбүлээн, өссө да маннык тэрээһин ыытылла турдун диэн биир санааҕа кэллилэр. Бу күн туһунан төрөппүттэр уонна үөрэнээчилэр туох санаалаахтарый?
Афанасьева Татьяна Юрьевна: Мин бүгүҥҥү учуутал күнүгэр аналлаах тэрээһиҥҥэ төрөппүттэр ааттарыттан 7 “б” кылаастарга нуучча литературатын уруогун биэрдим. Оҕолор уруокка бары бааллар, болҕомтолоохтук олорон иһиттилэр. Бэриллибит сорудаҕы барытын толордулар, активнайдык кытыннылар. Маннык төрөппүттэри кытыннарар саҥа сүүрээн олус интэриэһинэй. Учууталларга, үөрэнээччилэргэ үлэҕэ, үөрэххэ ситиһиилэри баҕарабын.
Макарова Анна Петровна, 3-с кылаас төрөппүтэ: Миэхэ бүгүҥҥү үөрэх күнэ олус интэриэһинэйдик ааста. Учуутал оруолун толорор чиэскэ тиксэн 3-с уонна 10-с кылаастары математика, саха тылын уруоктарыгар үөрэттим. Оҕолору үөрэтэр, өйдөтөр ыараханын биллим. Уруокпут бириэмэтэ кылгас эбит диэн санааҕа кэллим, сорох сорудахтары ситэ оҥотторботум. Барыларыгар ситиһиини баҕарабын.
Пермякова Саина Егоровна: Учуутал күнүгэр аналлаах тэрээһиҥҥэ кыттаммын 2-с уруогунан 5-с кылаастарга математика уруогун ыыттым. Спичканан ойуу оҥорон баран хас эрэ спичканан ойууну уларытан өйдөрүнэн толкуйдуур дьоҕурдарын сайыннарыылаах уруогу ыыттым. Уруок үчүгэй баҕайытык барда, оҕолор интэриэһиргээн бэриллибит сорудахтары толордулар. Маннык тэрээһин оҥорбуттара наһаа интэриэһинэй, үчүгэй баҕайы. Төрөппүттэр оскуолаҕа кэлэн учуутал оруолун толороллорор көрөргө үчүгэй баҕайы. Инникитин да бу курдук тэрээһиннэр ыытылла тураллара буоллар, өссө сайдан иһиэ этилэр.
Нестерова Алена Александровна: Бүгүҥҥү самоуправлениеҕа үөрдүм аҕай. Оҕону кытта оҕо буолан ыллым. Маннык күн буолара төрөппүккэ олус үчүгэй дии саныыбын, оҕоҕо чугас буолар эбиккин.
Аммосова Зоя Михайловна: Мин бүгүн онус кылаастарга история уруогун ыыттым. Сарсыарда киирбитим арай биир да оҕо суох, онтон уон сэттэ оҕо тоҕо анньан кылааска киирэн кэллилэр. Төрөппүт олорорун көрөн олус соһуйдулар да, үөрдүлэр да. Онтон хат учуутал курдук сананан кылааска иккистээн киирдим, оҕолор туран дорооболоһон көрүстүлэр, Бэйэм оҕо сааспын санаан кыратык уйадыйан ыллым, онтон арба учуутал этим дуу диэммин тохтоотум. Онтон дьэ темабытын билсэн, сорудах толорон бардылар. Сорох оҕо уруучуката суох кэлбитин бэрсии буолла. Бүгүҥҥү күн бэртээхэй уопут буолла. Ол курдук оҕоҕо атын сонун уруок, төрөппүт оҕолорун кытта сыһыан олохтооһуннара, оскуола олоҕун, учуутал сыралаах үлэтин билии. Онтон үһүс кылаастарга физкультура уруогун ыытым, Бэйэм спортивнай көрүҥнэри сөбүлүүр буоламмын уруок бэркэ ааста. Зарядкаттан саҕалаан, үҥкүүлээн, дьарыктанан, ооньоон оҕолор астынан тарҕастылар. Уруок уһуна 40 мүнүүтэ буолара арыый кылгас эбит дуу диэн санааҕа кэллим. Дьэ уубар – хаарбар киирэн истэхпинэ тахсыы звонога тыаһаан хаалар, ситэ уруокпун ыыпатах курдук сананным. Оскуолаҕа үөрэнэр эрдэххэ уруок наһаа уһун буолар курдук этэ. Учууталга уруок бириэмэтэ кылгас буоларын өйдөөтүм.
Максимова Валерия, 9 -с кылаас үөрэнээччитэ: Төрөппүттэр кэлэн үөрэппиттэрэ интириэһинэй, атын оскуолаҕа үөрэнэ сылдьар курдук сананным.
Сайаана Петрова, 9- с кылаас үөрэнээччитэ: Төрөппүттэр үөрэппиттэрэ олус үчүгэй эбит. Атын киһи үөрэтэрэ олох атын интириэстээх эбит.
Аида Мухина, 11-с кылаас үөрэнээччитэ: Төрөппүттэри учуутал оруолугар көрөр үчүгэй баҕайы.
Степа Пермяков, 10-с кылаас үөрэнээччитэ: Оскуолабытыгар олус интэриэһинэй күн ааста, ол курдук төрөппүттэр кэлэн уруоктары ыыттылар.
Павел Пестряков 11-с кылаас үөрэнээччитэ: Сарсыарда оскуолаҕа тиийэн уруокка киирбиппэр арай учуутал оннугар төрөппүт олорорун көрөн соһуйдум аҕай. Онтум бүгүн учуталлары төрөппүттэр солбуйар күннэрэ эбит. Үчүгэй баҕайы күн ааста.
Анна ИВАНОВА, Болугур орто оскуолатын педагог-тэрийээччитэ