Болугурдааҕы «Колосок» уһуйаана төрүттэммитэ 65 сылын көрсө «Сүрэхпит сылааһын оҕоҕо аныыбыт» көмө – аахсыйа кэнсиэр буолан ааста. Кэнсиэр иннигэр «Колосок» уһуйаан үлэһиттэрэ атыы-эргиэн дьаарбаҥка тэрийдилэр.
Аахсыйа- кэнсиэргэ уһуйаан оҕолоро «Сардаана», «Чуораанчык» бөлөхтөр, иитээччилэр, 1-кы кылаас, 3-с кылаас «Арылхан» фольклор бөлөҕүн оҕолоро, «Талбаана», «Сырдык» үҥкүү ансамбыла, ийэлии сүрэхтэрин сылааһын, кыһамньыларын ууран өр сылга үлэлээбит бэтэрээн үлэһиттэр уонна төрөппүттэр кыттыыны ыллылар. Кэнсиэр биир тыынынан олус сэргэхтик ааста.
Уһуйаан сэбиэдэссэйэ Марфа Афанасьева махтал истиҥ тылларын эттэ уонна аахсыйаҕа анал дьааһык оҥоһуллубутун сырдатта. Уһуйааммыт өрөгөйдөөх үбүлүөйэ ахсынньы ыйга былааҥҥа турар. Ол иннигэр нэһилиэгинэн үбүлүөйбүт тэрээһиннээхтик ааһарыгар күүспүтүн ууран үлэлэһэбит. Сайдыыга салайар, кэскили түстүүр оҕо саас иитиллэр кыһатыгар – “Колосок” уһуйаан Айыы сырдык алаһатыгар Дьол, Үөрүү, Үтүө санаа, Таптал, Махтал уйаланнын!
Евдокия ПЛАТОНОВА