Тохтообокко кэлэн түһэ турар быстах ардахтар туорахтаах култуура кимиилээхтик хомулларын атахтыыллар. Балаҕан ыйын 5 күнүн туругунан 3557, 2 гектартан баара эрэ 200 гектар хомулунна. Биэс бурдук хаһаайыстыбаттыттан “Амма” АУо ураты хомуурга тахса иликтэр.
Амма улууһун тыатын хаһаайыстыбата хомуйар балаҕан ыйын 5 күнүнээҕи субуоккатынан көрдөххө бурдук хомууругар “Амма” АУо ураты атын хаһаайыстыбалар киирбэккэ олороллор. Онон былааннаах 3557,2 гектартан 200 эрэ гектар хомуллан турар. Онон былаан 5,6 бырыһыан тэҥнэстэ. Ол курдук “Амма” АУо 95 гектар сэлиэһинэйи, 40 гектар ньэчимиэни уонна 65 гектар эбиэһи хомуйда. Ыһыллыбыт иэнтэн 3906 тонна туорахтаах култуура хомуллуохтаах. Күн бүгүн валовайынан 175 тонна хомуллан, былаан 4,5 бырыһыан. Бурдук үүнүүтэ ортотунан гектартан 8,8 центнер. Ол иһигэр сэлиэһинэй 5,3 цн, ньэчимиэн 10,8 уонна эбиэс 12, 6 цн.
“Амма олоҕо” хаһыат