Бурдук кууллааһыныгар тэрилтэлэр көхтөөхтүк үлэлииллэр

Амма улууһун тыатын хаһаайыстыбатын управлениета анал график оҥорон үгэс быһыытынан улуус тэрилтэлэрэ бурдук тааралааһыҥҥа субуотунньукка тахсаллар. Күн-дьыл билиҥҥитэ “үлэлээҥ, кытаатыҥ” диэбиттии турар.

“ Биһиги Амма нэһилиэгиттэн  «Кэнчээри» оҕо сайдар киинин  8 үлэһитэ сопхуоспут  Вячеслав Владимирович Михайлов  салайыытынан, Покровка сэлиэнньэтигэр тиийэн график быһыытынан субуотунньуктаатыбыт. Ол курдук  уопсайа  650 куулу оҥорон кэллибит. Көмүс күһүн айылҕа муҥутаан тупсан турар кэмигэр,күн чаҕылыччы тыган үлэ-хамнас күөстүү оргуйда. Покровкаларга сэниэ эбэр сылаас минньигэс астарынан эбиэттэппиттэригэр  барҕа махталбытын тиэрдэбит”, — диэн  “Кэнчээри” уһуйаан үлэһиттэрэ санааларын тиэрдэллэр.

“Амма олоҕо” хаһыат

Читайте дальше