Бүгүн ыам ыйын 9 күнүгэр саамай ытык бырааһынньыгы, Улуу Кыайыы күнүн бэлиэтиибит. Ону сэргэ бу күн Саха норуодунай суруйааччыта Владимир Новиков – Күннүк Уурастыырап күн сирин көрбүтэ. Суруйааччы аатын сүгэр Амматааҕы кииннэммит бибилэтиэкэ кэлэктиибэ кини сааһын көрсө скверигэр бэртээхэй тэрээһини ыытта.
“Амматааҕы Күннүк Уурастыырап аатынан киин бибилэтиэкэ сыл аайы ыытыллар «Бүттүүн ааҕыы» күнүгэр норуодунай бэйиэппит Владимир Михайлович Новиков — Күннүк Уурастыырап хоһооннорун дьоҥҥо- сэргэҕэ таһаарбыта хаһыс да сылыгар барда. Ол курдук тапталлаах бэйиэппит төрөөбүт күнүн көрсө “Күннүк” скверын саҥардан кырааскалаатыбыт. Ону кытта түөлбэ олохтоохторун Оксана, Игнатий Гаврильевтары, Василий Петрович Кузьмины, Надежда Яковлевна Слепцованы, Галина Иннокентьевна Карамзинаны, Ньургуйаана Петровна Борисованы, Попов Петр уолунаан Иннокентийы кытары Владимир Михайлович сааска, ыам ыйын бырааһынньыктарын, эйэ, Улуу Кыайыыга, төрөөбүт дойдуга анаммыт хоһооннорун күргүөмүнэн аахтыбыт.
Кыраайы үөрэтэр салаа кылаабынай бибилэтиэкэрэ Вероника Стручкова бэйиэт олоҕун, айар үлэтин туһунан мустубут дьоҥҥо билиһиннэрдэ. Ону тэҥэ «Күннүк чэйэ» – “Күннүктүүн чээйдиэххэ, кинигэтин ааҕыахха” диэн бырайыакпытын сүрэхтээтибит. Тэрээһиҥҥэ кэлбит түөлбэ олохтоохторо махтанан тарҕастылар”, — диэн ааҕааччыны кытта үлэлиир салаа кылаабынай бибилэтиэкэрэ Елизавета Сидорова сырдатта.
“Амма олоҕо” хаһыат