Амма улууһугар “Информ УИК” бырагыраама олунньу 17 күнүттэн үлэлээн, анал формалаах учаастактааҕы быыбардыыр хамыыһыйа чилиэннэрэ дьиэлэринэн сылдьан хайдах, ханна баран быыбардыыр туһунан өйдөтүү үлэтин ыыппыттара.
“Бырайыак бары нэһилиэктэринэн, ол эбэтэр 17 быыбардыыр учаастактарынан барда. Хамыыһыйа чилиэннэрэ дьиэлэринэн, кыбартыыраларынан сылдьан өйдөтөр үлэни ыыттылар. Хайдах быыбардыахха сөбүн быһааран, көрдөрөн биэрдилэр. Ол түмүгүнэн уопсайа 10080 киһини хабан, быыбардааччы 81,38 бырыһыанын хаптылар. Сылдьыбыт, кэпсэппит дьон бары быыбардыы барарга бэлэмнэрин эппиттэр”, — диэн Амма улууһун территориальнай быыбардыыр хамыыһыйатын бэрэссэдээтэлэ Наталья Алексеева билиһиннэрдэ.
“Амма олоҕо” хаһыат