Амматааҕы Ф. Потапов аатынан норуот айымньытын дьиэтигэр улууска Олоҥхо дэкээдэтэ аһыллыытын үөрүүлээх түгэнэ буолан ааста. Быйыл Аммаҕа Олоҥхо сыла биллэриллэн, дэкээдэ киэҥ хабааннаахтык барара былааннанар. Бэлиэ чааска улууспут бары нэһилиэктэриттэн култуура үлэһиттэрэ, норуот маастардара, олоҥхону сэргээччилэр киирдилэр.
Быйыл сайын “Саҥарар саҥам сататын сабаҕалаан, этэр тылын эгэлгэтин эридьиэстээҥ” диэн улуу олоҥхоһуппут Чээбий этэн хаалларбыт тылынан ыытыллыбыт өрөспүүбүлүкэтээҕи Олоҥхо ыһыаҕа үрдүк таһымнаахтык ыытыллан күн бүгүнүгэр диэри кэрэ кэпсээн. уос номоҕо буола сылдьарыттан аммалар киэн туттабыт. Онон сэтинньи 25 күнүгэр бэлиэтэнэр Олоҥхо күнүн дэкээдэтин арыллыыта уратытык барда. Норуот айымньытын дьиэтин фойетыгар норуот уус уран оҥоһуктарын маастардарын оҥоһуктара уонна Амматааҕы В.М.Новиков –Күннүк Уурастыырап аатынан кииннэммит бибилэтиэкэ туруорбут кинигэтин быыстапката дьон болҕомтотун тартылар. Маны сэргэ фойе ортотугар Аал луук мас туран, үс дойду олохтоохторо дьоһуннук турбуттар.
Олоҥхо дэкээдэтин арыллыыта Үстүүн Нохсоороп эт куолаһынан толорор олоҥхотунан арылынна. Ол кэннэ кини “Дыырай Бэргэн” олоҥхотуттан быһа тардан Дыырай Бэргэни- Иван Иванов, Аан Алахчыны- Анна Кириллина, Бухатыыры — Сандал Кожуров, ат ырыатын Софья Иванова, Абааһы уолун — Владимир Дедюкин, Айталыын Куону — Надя Дьяконова, Мөҥүрүөн оҕонньору — Гаврил Орлов, Удаҕаны — Сайыына Попова итэҕэтиилээхтик толордулар.
“Дэкээдэни уратытык аһыахтаахпыт диэн салалтабыт сыал-сорук туруоран бары сүбэнэн үлэлээтибит. Нэһилиэктэрбититтэн кэлэн кытыннылар. Бу арыллыыга икки клип сүрэхтэннэ. Ол курдук Олоҥхобут ыһыаҕа хайдах ааспытын уонна кыл-кырыымпаһыттарбыт кыттыыларын көрдөрөр клиптэр ааспыт ыһыахпытыгар төнүннэрэн ыллылар. Бу киэһэ биһиги көрөөччүлэргэ Саха АССР уонна РСФСР ускуустубатын үтүөлээх диэйэтэлэ, худуоһунньук Михаил Носов уруһуйдаан хаалларбыт сахалыы иһиттэрин, өбүгэлэрбит таҥна сылдьыбыт таҥастарын улууспут маастардара оҥорон хаалларбыттарын көрдөрдүбүт. Ол курдук Эмис. Алтан, Сулҕаччы, Амма нэһилиэктэрин көмүс тарбахтаах уустара, маастардара, иистэнньэҥнэрэ оҥорон үйэтиттилэр. Аны саха киһитэ миинэр миҥэҕэ киһилии, доҕордуу сыһыаннааҕын көрдөрдүбүт. Ол быһыытынан Амма, Мээндиги нэһилиэктэрин бастыҥ уустара, уран тарбахтаах далбардара ойуулаан-оһуордаан оҥорбут ат симэхтэрин Сэргэ Бэстэн тимир ууһа Альберт Фомин маһынан чочуйан оҥорбут атыгар аҕалан биир-биир тахсан симээтилэр. Манан биһиги өбүгэлэрбит хайдах курдук акка ураты сыһыаннаахтарын билиһиннэрдибит. Ону таһынан Мээндиги, Абаҕа, Бөтүҥ, Чакыр, Болугур, Соморсун, Амма Наахара, Чапчылҕан нэһилиэктэрин уран тарбахтаахтара Михаил Носов уруһуйдарын тилиннэрэн тикпит өбүгэлэрбит кэтэ сылдьыбыт таҥастарын таһааран өссө төгүл киэҥ эйгэҕэ таһаардыбыт. Бу киэһэ Алтантан норуот маастара Елена Васильевна Неустроева саха дьахтара 19 –с үйэҕэ кэтэ сылдьыбыт кыһыҥҥы таҥаһын улууска экспонат быһыытынан туттарар үөрүүлээх, долгутуулаах чааһа буолла. Дэкээдэ үөрүүлээх арыллыытыгар кыттыбыт бары кэлэктииптэргэ, дьоммутугар-сэргэбитигэр дириҥ махталбытын тириэрдэбит”, – диэн култуура уонна норуот айымньытын салалтатын кылаабынай режиссера Раиса Шадринова санаатын тириэртэ.
Дьэ чахчы да икки клиби мустубут дьон астына, сэҥээрэ көрдүлэр. сүрэхтэригэр чугастык ылыннылар. Ол бэлиэтинэн кинилэр дохсун ытыстарын тыаһа буолла. Кыл да түгэҥҥэ буоллар, самаан сайыммытыгар төннөн ыллылар. Дэкээдэ арыллыытынан эҕэрдэ тылын экран нөҥүө улуус баһылыга Степан Кузьмин тиэрдэн туран, өссө төгүл сайын ыытыллыбыт Олоҥхо ыһыаҕар көхтөөхтүк кыттыбыт бары дьоҥҥо дириҥ махталын тылларын анаата. Бу киэһэ Олоҥхо ыһыаҕын үрдүк таһымҥа ыытыспыт, көхтөөх кыттыыларын иһин бары култуура үлэһиттэрэ, уран тарбахтаах иистэнньэҥнэр өрөспүүбүлүкэтээҕи уонна улуустааҕы тэрийэр хамыыһыйа, ону сэргэ “Олоҥхо” тэрийэр национальнай кэмитиэт, Ил Түмэн култуураҕа сис кэмитиэтин Махтал суруктарынан наҕараадаланнылар. Ону сэргэ улуустарын чиэһин көмүскээн, Олоҥхо ыһыаҕын кылаан кыайыылаахтарын аатын ылбыт кэлэктииптэр,биирдиилээн дьон эмиэ бэлиэтэннилэр. Мустубут дьон кинилэри дохсун ытыс тыаһынан арыаллаата. Ол курдук улуус баһылыгын бастакы солбуйааччы Василий Бураев, улуус дьокутааттатын Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Владимир Колосов, култуура уонна норуот айымньытын салалтатын салайааччыта Иван Иванов бука барыларыгар махтал тылларын эттилэр, сүгүрүйдүлэр уонна инникитин да маннык түмсүүлээх, биир сомоҕо буолуоҕун, Аммабыт аатын үрдүккэ тутуоҕун диэн баҕа санааларын эттилэр. Үрдүк сыанаттан култуура салаатын салайааччыта Иван Иванов бары култуура кииннэрин дириэктэрдэригэр быйылгы Олоҥхо ыһыаҕар ананан оҥоһуллубут, биир дойдулаахпыт Владимир Левин оҥоһуктарын наборун бэлэх уунна, олбоҕу тикпит олохтоохторго Махтал суруктарын туттарда. Бу киэһэ олус элбэх, чахчы да улуус талааннаах, суоппарыттан саҕалаан култуура бары исписэлиистэригэр тиийэ, сүүрбүт-көппүт бары үтүө суобастаах үлэһит дьон бэлиэтэннэ. Онтон СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Василий Неустроев улууска кыл кырыымпанан оонньооччу элбиирин туһугар утумнаахтык үлэлээн, Олоҥхо ыһыаҕар 110 кырыымпаһыт оонньуурун ситиһэн, Аммаҕа ыытыллыбыт ыһыах биир уратытынан буолбута. Кини бу үлэтин сыаналаан улуус култууратын салалтата бу киэһэ 50 000 солкуобайдаах сертификат туттарбытын мустубут дьон дохсун ытыс тыаһынан көрүстүлэр, чахчы да сыралаах үлэ сыаналаммытын уруйдаатылар.
Бу киэһэ көрөөччүлэр Алтантан “Иэйии“ эр дьон ансаамбылын триота “Кыл кылыһах” фольклорнай бөлөҕүн доҕуһуолугар “Тиллэн чөлгө тахсыахха” диэн ырыаны эт куоластарынан ыллаабыттарын, Бөтүҥтэн “Оллоон” фольклорнай бөлөх, Бөтүҥтэн “Махтал”, Абаҕаттан “Эрэл” үҥкүү ансаамбылларын толорууларын сэргии көрдүлэр.
“Биһиги оҕолорбут бастакы кылаастан саҕалаан “Олоҥхо кылааһа ” бырайыагынан үлэлээн кэллэ. Онно биһиги түөлбэбит олоҥхоһута Екатерина Иванова “Аландаайы Куландаайы бухатыыр” олоҥхотун үөрэтэбит. Кылааспар 19 оҕо баар. Кинилэр бары олоҥхолууллар. Бары ааҕаллар. Сылын аайы олоҥхобутун уһатан, эбэн иһэбит . Мантан биэс оҕо биирдиилээн 15 мүнүүтэ игин курдук олоҥхону толорор. Олоҥхо ыһыаҕар бөлөҕүнэн толорууга кыайыылаах аатын ылбыппыт. Маны сэргэ бэйэм кыыһым Надя олох кыра кылаастан олоҥхолуур. Билигин Амма лиссиэйин 10-с кылааһыгар үөрэнэр, оҕо искусствотын дьиэтигэр фольклорга дьарыктанар. Учууталлара Виктория Георгиевна Григорьева уонна Анна Михайловна Кириллина буолан “Дьохсоҕоллой оҕонньор, Сиэмэйихээн эмээхсин” диэн олоҥхону үөрэтэ сылдьар. Кини ситиһиитэ элбэх. Бу Олоҥхо дэкээдэтин арыллыытыгар ыһыахха ситиһиилээхтик кыттыбыппытын бэлиэтээн Махтал сурук туттардылар. Аммабытыгар дэкээдэ устата араас элбэх тэрээһин былааннаммыт. Биһиги онно туох кыалларынан кыттыахпыт. Арыллыы бэрт сэргэхтик, үчүгэйдик ааста. Оҕолорбунаан киирэн бары астына кытынныбыт”, — диэн этэр Бөтүҥ орто оскуолатын алын кылааһын учуутала Марта Дьяконова.
Ити курдук Олоҥхобут дэкэээдэтин арыллыыта үөрүүлээхтик, элбэх киһини түмэн арылынна. Амма култуураҕа уонна норуот айымньытын салалтатын салайааччыта Иван Иванов бэлиэтээбитинэн, дэкээдэ тэрээһиннэрэ Аммаҕа эрэ буолбакка, Дьокуускай куоракка кытта буолуохтара. Онно бары көхтөөх кыттыыны ылыахтара диэн эрэлин биллэрдэ.
“Амма олоҕо” хаһыат