Эмис нэһилиэгэр Өрөспүүбүлүкэ Судаарыстыбаннаһын күнүгэр биллэр бэйиэттэр хоһооннорун аахтылар, сквердэрин сөргүттүлэр.
“Биһиги нэһилиэккэ өрөспүүбүлүкэбит Судаарыстыбаннаһын күнүн Күннүк Уурастыырап балаҕаныгар хоһоон ааҕыынан бэлиэтээтибит. Ол курдук көмүлүөк оһоҕун оттон баран, ол аттыгар олорон саха норуодунай суруйааччыларын Наталья Харлампьева, Леонид Попов, Сайа Сахабыт сиригэр анаммыт, дойдубутун уруйдуур үйэлээх айымньыларын дорҕоонноохтук аахтыбыт. Ону сэргэ Кыайыыга анаммыт сквербитин ыраастаатыбыт, өрөмүөннээтибит”, — диэн нэһилиэк баһылыга Прокопий Бубякин сырдатта.
«Амма олоҕо» хаһыат