Чакыр, Амма олохтоохторо ыытыллыбыт үлэни сэргээтилэр

Улуус дьаһалтатын отчуота сүрүннээн түмүктэнэн эрэр. Бээтинсэ күн отчуот Чакыр уонна Амма нэһилиэгэр буолла. Олохтоохтор кэлэн ыытыллыбыт үлэни билсэн, туһааннаах салайааччыларын да көрсөн, сөптөөх үлэ барбыт диэн сыаналаатылар.

Чакыр нэһилиэгэр 40-тан тахса киһи үлэлэриттэн, дьиэлэрин түбүгүттэн быыс булан кэлэн улуус дьаһалтатын үлэтин иһиттилэр, эт харахтарынан көрдүлэр. Манна бастатан туран өрүс уҥуор соҕотох нэһилиэк буолалларын быһыытынан хаайтарыы кэмигэр туоруурга аэроподушка, туризмы сайыннарыыга бэриллэр субсидия бэрээдэгин, тыа хаһаайыстыбатын үлэһиттэригэр олорор дьиэ, суол туругун, саҥа кулуубу тутуу, эмчиттэр тиийбэттэрин, искэҥ ыарыыта элбээһинин, элбэх оҕолоох ыалга уһаайба биэриитин уочарата хамсаабатын уонна да атын тус боппуруостарын биэрдилэр.

“Амма улууһун үлэтин-хамнаһын туһунан тэлэбиисэринэн элбэхтэ көрөбүт, хаһыакка да ааҕабыт. Бүгүн да билиһиннэрбиттэринэн сөптөөх үлэ бөҕө барбыт. Онон ыытыллыбыт үлэни биһириибин. Инникитин маннык отчуоттарга нэһилиэктэртэн киирбит боппуруостары туоратарга үлэлэһэллэригэр ситиһиини баҕарабын”, — диэн өр сыл олохтоох оскуола дириэктэринэн үлэлээбит Анна Григорьева санаатын үллэстэр.

Амма нэһилиэгэр отчуот киэһэ буолла. Оруобуна икки чаас курдук барбыт отчуокка боппуруостар син балайда киирдилэр. Үксэ кэриэтэ суругунан буолла. Онно бары кэлбит туһааннаах салайааччылар эппиэттэри биэрдилэр. Отчуокка кыттыыны Ил Түмэн дьокутаата Александр Корякин ылла уонна “Ыччат” кыбаарталыгар киин ититэр ситимҥэ холбонуу туһунан быһаарыы биэрдэ.

Итини сэргэ урбаанньыттар маҕаһыыннарын эмиэ ситимҥэ холбонууларыгар киирбит боппуруоска санаатын үллэһиннэ. Амма нэһилиэгэр ыытыллыбыт отчуокка биллэн туран үгүс боппуруос сылааска холбонуу уонна баанньык үлэтин туһунан буолла. Онно эппиэттэри ГУП ОДЬКХ Амматааҕы филиалын дириэктэрин э.т. Сергей Решетников уонна МУП “Коммунсервис” салайааччыта Иван Слепцов толору эппиэттэри биэрдилэр. Маны сэргэ бэйдиэ сылдьар ыттары бэрээдэктээһин, СВО кыттыылаахтарыгар көмө, хаарбах дьиэлэри тутуу бырагырааматын, Олоҥхо ыһыаҕар кинигэ таһаарыытыгар төһө үп көрүлүннэ, Москубаҕа ыытыллыбыт муниципальнай тэрээһиннэр форумнарын , Сулҕаччы-Мындаҕаайы суолун оҥоһуутун туһунан ыйыталастылар. Энергетика бэтэрээнэ Анатолий Алексеев саха дьоно барыта таптыыр, сүгүгүйэр биир дойдулаахпыт, кини үөлээннэҕэ, доҕоро Николай Захаров -Сахаачча төрөөбүтэ 75 сылын  улуус дьаһалтата олус тэрээһиннээхтик тэрийбитигэр дириҥ махталын биллэрдэ уонна эдэр састааптаах хамаанда күүстээх үлэни ыыппытын бэлиэтээн туран,  үлэни “биһириибин” диэн сыана быста.

Онон биир этии этии киирэн улуус киинин олохтоохторо ааспыт сыллаах үлэҕэ киирбит сыанабылы өйүүллэрин биллэрдилэр. Улуус баһылыга Степан Кузьмин отчуоту истэ кэлбит дьоҥҥо улуус ыытар үлэтигэр кыттыыларын, анал байыаннай дьайыыга сылдьар биир дойдулаахтарбытыгар оҥоһуллар көмөлөрүн иһин дириҥ махталын биллэрдэ уонна быйыл Үлэ сылын түмүктүүр тэрээһиҥҥэ Амма улууһа Мирнэй уонна Алдан курдук улахан промышленнай оройуоннар кэннилэриттэн үһүс миэстэҕэ тахсыбыта, бу биһиги барыбыт кыайыыбыт диэн этэн туран, дириҥ махталын тириэртэ.

Түмүктүүр отчуот тохсунньу 29 күнүгэр Амма Наахара, Болугур уонна Покровка нэһилиэктэригэр ыытыллыа.

Отчуот туһунан сиһилии «Амма олоҕо» хаһыакка ааҕаарын.

«Амма олоҕо» хаһыат

 

Читайте дальше