Чакыр кэскиллэрэ “Рисуем все” бырайыакка көхтөөхтүк кытыннылар

Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн бара турар «Рисуем все»  бырайыак чэрчитинэн Чакыр орто оскуолатыгар уонна «Ньургуһун» оҕо уһуйааныгар араас тэрээһиннэр буоллулар. Орто оскуолаҕа уруһуй киэһэтэ, уһуйааҥҥа уруһуй быыстапката тэриллиннэ. Бу тэрээһиннэргэ   кырачаан иитиллээччилэр, үөрэнээччилэр, төрөппүттэр, учууталлар уонна үлэһиттэр бука бары көхтөөх кыттыыны ыллылар.

Оскуолаҕа ыытыллыбыт уруһуй киэһэтигэр 1-4 кылаас оҕолоро Саха сиригэр Оҕо сылынан  «Мин сөбүлүүр ойулугум», 5-8 кылаастар Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн сылынан  «Олох-дьаьах, дьиэ кэргэн»,  9-11 кылаастар Амма улууһугар Олоҥхо сылынан «Олоҥхо геройдара» тиэмэлэргэ уруһуйдаатылар.  Ону таһынан  Күннүк Уурастыырап суруйбут «Нуоҕалдьын кугас аттаах Тойон Дьаҕарыма бухатыыр» олоҥхотугар  олоҕуран улахан коллаж — стенда уруһуйданан турда. Оскуолабыт оҕолорун уруһуйдарын быыстапката дьон сэҥээритин ылла.  Бу киэһэҕэ уруһуйдуур ньымаларга нэһилиэкпит олохтооҕо Герасим Новиков сүбэ-ама буолла уонна маастар-кылаас ыытта. Төрөппүттэр намыын ырыа доҕуһуолугар уйдаран оҕолорун кытта уруһуйдааннар, дуоһуйа сынньанан көхтөөх кыттыыны ыллылар. Кэлбит дьон бары кэрэ эйгэ абылаҥар ылларан, астынан тарҕастылар.

Онтон «Ньургуһун» оҕо уһуйааныгар оҕо төрөппүтүн кытары  «Мин дьиэ кэргэним»  диэн уруһуй быыстапката турда. Манна барыта 20 уруһуй киирдэ. «Творим сами» куруһуок салайааччыта Наталья  Матвеева орто бөлөх оҕолоругар «Муора олохтоохторо» диэн тиэмэҕэ ытыһынан уруһуй ныматынан оҥоттордо. Улахан, бэлэмнэнии бөлөххө “Монотипия (нетрадиционное рисование) ньыматынан”  «Үрүмэччи»  диэн тиэмэҕэ уруһуйдатта. Бу тэрээһиҥҥэ уопсайа 26 оҕо уруһуйдаата.

Светлана НОВИКОВА, Чакыр орто оскуолатын педагог-бибилэтиэкэрэ

Читайте дальше