Чакыр нэһилиэгин баһылыга Семен Григорьев салалтатынан 2-Чакыр нэһилиэгин дьаһалтата Эмис нэһилиэгэр үлэни-хамнаһы билсэн, уопут атастаһан кэллибит.
Эмис нэһилиэгин баһылыга Прокопий Бубякин, Эмис нэһилиэгин дьаһалтата, култуура коллектива биһигини итии астаах олус итсиҥник көрүстүлэр, ытык сирдэрин — музейдары көрдөрдүлэр.
Көрсүһүү бэрт сэргэхтик ааста, үлэ бэрээдэгинэн элбэх боппуруостары көрдүбүт. Баһаар ирдэбиллэринэн оҥоһуллубут минерализованнай полоса, общественнай тэрилтэлэр үлэлэрэ, тыа хаһаайыстыбата, анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар көмө, кулууп материальнай базатын тупсарыы, музей үлэтэ уонна да атын боппуруостарга ирэ-хоро кэпсэттибит, санаа атастастыбыт.
Көрсүһүү түмүгэр баһылыктар илии тутуһан, салгыы бииргэ үлэлэһэллэрин биллэрдилэр.
Аны биһиги, чакырдар, эмистэри күүтэбит.
- Дария ЛУКИНА,
- Чакырдааҕы култуура дьиэтин методиһа.