Чакырга Кыайыы Знамятын көрүстүлэр

Бүгүн, тохсунньу 11 күнүгэр Чакыр нэһилиэгэр бэлиэ түгэн буолла. Олохтоохтор улууска кэлбит “Бары бииргэ Кыайыыга” диэн девизтээх Кыайыы Знамятын эстэпиэтэтин  көрүстүлэр.


“Чакыр нэһилиэгэр үөрүүлээх бэлиэ күн буолла. Ол курдук, өрөспүүбүлүкэтээҕи Кыайыы Знамятын көрүстүбүт. Биһиэхэ Кыайыы Знамятын  Амма улууһун анал байыаннай дьайыы фондатын бэрэссэдээтэлэ Прокопий Евгеньевич Прокопьев, Амма улууһун бэтэрээннэрин Сэбиэтин салайааччыта Мария Романовна Захарова  уонна “Юнармия” улуустааҕы ыстаабын салайааччыта Петр Иннокентьевич Попов арыаллаан кэллилэр. Знамяны көрсүүгэ нэһилиэкпит  түмэлин  салайааччыта Анна Семеновна Григорьева, тыыл бэтэрээннэрэ,  ону кытта оскуола оҕолоро, нэһилиэкпит дьоно-сэргэтэ бары мустан көрүстүбүт. Бу Кыайыы 80 сылын көрсө ыытыллар суолталаах түгэҥҥэ анаммыт тэрээһиннэр буоллулар, эҕэрдэ тыллар этилиннилэр. Кэлбит дьон үөрэн, долгуйан туран Знамяны аттыгар хаартыскаҕа түһэн бу бэлиэ күнү үйэтиттилэр”, — диэн Чакыр тыа сирин түөлбэтин баһылыгын солбуйааччы Иннкокентий Тарасов иһитиннэрдэ.

“Амма олоҕо” хаһыат

Читайте дальше