Чакырга улуус оскуолаларын аҕалара түмүстүлэр

Арассыыйаҕа биллэриллибит Дьиэ кэргэн, Саха сиригэр Оҕо саас сылын чэрчитинэн Амма улууһун аҕалара түмсүүлэрин мунньаҕа Чакыр орто оскуолатыгар буолан ааста. Тэрээһин бэрт сэргэхтик ыытылынна. Кыттыыны улуус баһылыгын бастакы солбуйааччы Василий Бураев ылла.


Мунньахха Эмис, Чакыр, Амма Наахара, Болугур, Покровка, Бөтүҥ, Чапчылҕан, Амматтан лиссиэй, Амма 1-кы уонна Амма 2-с нүөмэрдээх оскуолаларын иһинэн үлэлиир аҕалар түмсүүлэрин кыттыылаахтара, салайааччылара, оскуола дириэктэрдэрэ кыттыыны ыллылар.

“Бэрт сэргэх кэпсэтии буолла. Билиҥҥи кэм иитиигэ көрүүлэрин уонна быйылгы сыл былааннарын дьүүллэстибит, торум оҥордубут. Мунньахпыт биир сүрүн дьаһалынан оскуола аҕаларын улуустааҕы сүбэтин сүрүннүүр салайааччыны талыы буолла. Онуоха мустубут үгүс аҕалар көрүүлэринэн, быһаарыыларынан бу түмсүүбүтүн улуустааҕы салайааччытынан Амма улууһун үөрэҕириитин салаатын салайааччытын Николай Александрович  Ларионовы таллыбыт.  Бу көрсүһүүгэ улуус эр дьонун, аҕаларын улахан сүбэтин  салайааччыта, улуус аҕа баһылыгын бастакы солбуйааччыта Василий Иванович Бураев кыттыыны ылан сугулаан таһымын үрдэттэ. Кини быйылгы сылга аҕалар иннилэригэр турар соруктары саас сааһынан билиһиннэрэн, улууспут сайдыытын  туһунан ирэ-хоро кэпсээтэ, баар кыһалҕалары чопчуласта.  Көрсүһүүгэ Тулагы орто  оскуолатын учуутала Дорҕоон Дохсун үлэлиир опытын үллэһинэ. Кини бэрт интэриэһинэйдик бэйэтин үлэтин уопутун кэпсээбитин барыта астына иһиттибит. Саба көрүүлэри, ньымалары билистибит, салгыы ситими салгыах буоллубут.

 

Дьэ уонна  түмүккэ аҕаларга аналлаах күрэх бэрт тэтимнээхтик, сытыытык ааста. Ол курдук хамаанданан арахсан остуол оонньуутугар, хаамыскаҕа, АК-74 автоматы ыһыыга, хомуйууга, дартска уонна автомат маҕаһыыныгар буулдьа хомуйуутугар күрэхтэстибит. Түмүккэ биһиги, Эмис хамаандата 1-кы  миэстэни, Амма 2-с миэстэ, Хомуур хамаанда 3-с миэстэни ылан кыайыы үөрүүтүн биллибит.  Бу сугулаан түмүгүнэн улуус иһинэн дьыл араас кэмнэригэр уопсай оҕолорго аналлаах, төрөппүттэр кыттыылаах  бырайыактары тэрийэргэ сөбүлэстибит уонна  резолюция ылынныбыт. Резолюция бэчээттэнэн хас биирдии үөрэх кыһатыгар тарҕаныа. Маннык тутул, түмсүү уһуйаан таһымыгар эмиэ баар буоллар, үлэ ситимнэнэн ыччаппыт сайдыытыгар төһүү күүс буолуон баҕарабыт! Тэрээһини ыыппыт Амматааҕы үөрэх управлениятыгар, Чакыр оскуолатын бары коллективыгар, повардарыгар, учууталларыгар, дириэктэр Семен Семенович  Шадриҥҥа  истиҥ махталбытын тиэрдэбит”, — диэн Эмис орто оскуолатын дириэктэрэ  Гаврил Захаров сырдатта.

“Амма олоҕо” хаһыат

Читайте дальше