Чапчылҕан түөлбэлэрин бастыҥ балыксыттара билиннилэр

Чапчылҕан нэһилиэгин түөлбэлэрин икки ардыларыгар үгэс буолбут муус аннынан балыктааһын күрэҕэ бэрт сэргэхтик ыытылынна. Норуокка биллибит «Нуучча биэрэгэр» 4 түөлбэ көхтөөх кыттыыны ыллылар.

Хамаандаҕа икки эр киһи, биир кэрэ аҥар уонна биир оҕо кыттара көҥүллэнэр. Сахаяна Сабурова салайааччылаах «Сайдыы» түөлбэ олохтоохторо күрэхтэһээччилэри, ыалдьыттары миин, шашлык астааннар күндүлээтилэр.

Нэһилиэк дьаһалтатын ыччакка уонна спорка исписэлииһэ Алена Ноговицына тэрээһини иилээн-саҕалаан, үрдүк таһымнаахтык ыытта. Кулууп тутаах үлэһитэ Денис Садовников күүс-көмө буолла.

Күн аҥардаах балыктааһын күрэҕин уопсай түмүгэ маннык буолла: 1 миэстэ — «Озернай» түөлбэ, 2 миэстэ — «Ыаллыылар» түөлбэ, 3 миэстэ — «Кытыл» түөлбэ.

Маны кытта анал ааттар хаһаайыннарын буллулар: «Маҥнайгы балык» — Дмитрий Иванов («Озернай» түөлбэ), «Саамай кыра балык» — Ксения Голикова («Кытыл түөлбэ), «Саамай улахан балык» — Егор Пинигин («Ыаллыылар» түөлбэ), эр дьоҥҥо бастыҥ буурдааччы — Василий Апросимов («Кытыл» түөлбэ), кэрэ аҥардарга бастыҥ буурдааччы — Инна Ларионова («Сайдыы» түөлбэ) буоллулар.

Бары кыттааччылар мэтээллэринэн, грамоталарынан, бириистэринэн наҕараадаланнылар.

«Амма олоҕо» хаһыат. 

Читайте дальше