Чапчылҕаннар маска күүстээх хамаанданы туруордулар

Бүгүн Амма Наахараҕа нэһилиэктэр икки ардыларыгар ыытыллар спартакиада бүтэһик көрүҥэр — мас тардыһыыга күүстээх күрэх буолла.

Иҥиир-ситии муҥ кыаҕынан тардыллыбыт ох кирсинии дьырылыыр, эт-былчыҥ быста-барана сыһар киирсиитигэр аҕыс нэһилиэк тоҕус бастыҥ мадьынытын туруорда. Ыһыылаах-хаһыылаах күрэс түмүгүнэн Чапчылҕан хамаандата чөмпүйүөн үрдүк аатын сүктэ. Күрэхтэһээччилэри икки бөлөххө арааран хапсыһыннардылар. Чапчылҕаннар бэйэлэрин бөлөхтөрүгэр Соморсун, Мээндиги, Өнньүөс кыахтаах мадьыныларын сабырыйан баран анараа бөлөххө аҥардастыы аатырбыт Покровка хамаандатын кытары финалга күөн көрүстүлэр. Покровка өрдөөҕүттэн биир бастыҥ мадьынылардаах нэһилиэгинэн сураҕырар. Ол да иһин финалга чапчылҕаннар уол киэнэ ньургуннарын, кыыс киэнэ кылааннаахтарын кытаанахтык тургутан көрөр көрсүһүү буолла. Бу сыралаах хапсыһыыга түһүлгэ дьолуота чапчылҕаннарга тосхойдо. Бастаабыт хамаандаҕа ылбычча дьон кыттыбата, бары талбыт курдук талба мадьынылар кииристилэр. Ол курдук, Борис Сдвижков — Дыгын оонньууларын икки төгүллээх кыттыылааҕа, мас тардыһыыга саха сирин спордун маастара, кини бииргэ төрөөбүт инитэ Гарри Сдвижков — соторутааҕыта эрэ маска Арассыыйа маастарын нуорматын толорбут, эмиэ бэрт аҕыйах кэмнээҕитэ ыччаттарга уонна устудьуоннарга Арассыыйа түһүлгэлэригэр өрөгөйдөөбүт күүһүн үрдүгэр өрө чинэйэ сылдьар бөтөс бэрдэ, Арина Федорова — оҕолорго Арассыыйа түһүлгэтин үрүҥ көмүс мэтээл хаһаайына, өрөспүүбүлүкэ уонна улуус хас да төгүллээх чөмпүйүөнэ, призера, Леонид Нохсоров — эмиэ өрөспүүбүлүкэ уонна улуус помоһугар аата элбэхтэ айхаллана ааттамыт, Амма сүүмэрдэммит хамаандатын биир тутаах мадьыныта, итини сэргэ Чапчылҕан аатын дьоһуннук көмүскээтилэр Гаврил Аммосов, Сахайаана Сабурова уонна Вера Александрова.


Күрэхтэһиигэ 2 миэстэни Покровка, 3 м. — Соморсун, 4 м. — Бөтүҥ, 5 м. — Болугур, 6 м. — Мээндиги, 7 м. — Амма Наахара, 8 м. — Абаҕа нэһилиэгэ буолла.

 

Олег ЕГОРОВ.

Читайте дальше