Эмис нэһилиэгин “Чуораанчык” уһуйаана ааспыт сылларга ыыппыт үгүс үлэлэрин түмүгэр СӨ үөрэҕириитин министиэристибэтин иһинэн үлэлиир «Эркээйи эргиирэ» пилотнай былаһаакката тэриллибитэ. “Үүтээн олоҥхото” бырайыак бастакы чааһа быйылгы үөрэх дьылын саҕалаата.
“Уһуйаан иитэр-үөрэтэр үлэтэ саха омуга былыргыттан илдьэ кэлбит баайыгар, олоҥхо тула ыытыллар. Уһуйаан «Өлбөт үйэлээх олоҥхо-кэнчээрибит кэскилэ» бырайыагынан хаһыс да сылын утумнаахтык үлэлиир. Оҕо тулалыыр эйгэтин, дьонун-сэргэтин билэ, төрүт үгэстэригэр сыстарыгар уонна эт-хаан өттүнэн сайдыылаах буола улаатарыгар ситимнээх үлэ ыытыллар. Уһуйаан салалтата, иитээччилэрэ, төрөппүттэрэ ыкса үлэлииллэр. Ол курдук, уһуйаан бары иитээччилэрэ быйылгы үөрэх дьылыгар саҥа сонун «Сыарҕалаах атынан айан» бырайыак иһинэн, «Үүтээн олоҥхото» диэн хос бырайыак оҥорон, үлэлэрин саҕалаатылар. Бырайыакпыт сыалынан, иитиллээччилэрбит төрөөбүт нэһилиэктэриттэн үөскээн тахсыбыт 8 аатырбыт олоҥхоһуттар ааттарын-суолларын, төрөөбүт алаастарын, олоҥхолорун билсиһиэхтэрэ, үөрэтиэхтэрэ. Хас эмэ чаастан турар, бастакы чааспыт «Олоҥхо ыллыктарынан» экскурсия буолар.
Онон улахан, орто бөлөх иитиллээччилэрэ бу күннэргэ Тимофей Васильевич Захаров — Чээбий, Владимир Михайлович Новиков — Күннүк Уурастыырап, Мэлэк Мэхээлэ сквердарыгар, төрөөбүт алаастарыгар, олорон ааспыт дьиэлэригэр сылдьан, көрөн-истэн олус сэҥээрдилэр. Олоҥхоһуттарбыт олорон ааспыт историяларын Е.А.Захарова — Саха Күөрэгэйэ аатынан култуурунай киин директора Анжелика Александровна Иванова дириҥ ис хоһоонноохтук, кэпсээтэ”, -диэн “Чуораанчык” уһуйаан сэбиэдиссэйэ Алена Захарова сырдатта.
“Амма олоҕо” хаһыат