Н.Е.Иванов аатынан Бөтүҥ орто агро оскуолатыгар аан дойдутааҕы кыыс оҕо күнүн бэрт сэргэх тэрээһининэн бэлиэтээтилэр. Тэрээһин Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн, Саха сиригэр Оҕо саас сылыгар ананна.
Оскуола коллективын уонна нэһилиэк «Талаана» түмсүүтүн (сал. Светлана Никитина) кытта бииргэ Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн уонна Саха сиригэр Оҕо саас сылынан бырайыак үлэлиир. Ол курдук көхтөөх ийэлэр уонна эбэлэр оскуолаҕа кэлэн оҕолорго эбэ, эһэ үөрэҕин тарҕатыыга, үтүө үгэстэри үйэтитиигэ, сатабылы иҥэриигэ, утум удьуору билиигэ, дьиэ кэргэн үгэстэригэр ытыктабыллаах сыһыаны иитиигэ, төрөппүттэргэ интэриэһи үөскэтиигэ, ситимнээх үлэни ситиһиигэ сыал-сорук туруоруллубута. Бырайыак элбэх хайысханан үлэлиир: эбэлэр, эһэлэр кылаас чаастарга кэлэн доруобуйа, аһылык, ийэ тыл туһунан уонна да атын тиэмэлэргэ кэпсииллэр, үөрэтэллэр, тематическай тэрээһиннэргэ маастар-кылаастары ыыталлар, оҕолору кытта бииргэ саас-күһүн мас олордоллор, дьүүллүүр сүбэ буолллар, спонсор да буолан көмөлөһөллөр уо.д.а. Бырайыак чэрчитинэн бииртэн биир тэрээһиннэр олоххо киирэн иһэллэр. Ол курдук Аан дойдутааҕы кыыс күнүгэр коллекционердар быыстапкалара тэрилиннэ. Бу тэрээһиҥҥэ нэһилиэк дьахталларын сэбиэтэ уонна “Арассыыйа ийэлэрэ” түмсүүтэ эмиэ кэлэн көхтөөх кыттыыны ыллылар. Быыстапкаҕа араас мал-сал аҕалбыттарын көрөн оҕо эрдэҕинээҕибитин санаан ыллыбыт, историяларын иһиттибит.
Тэрээһиммит иккис чааһыгар ийэлэр кыргыттарын кытта күрэхтэрэ буолла. Тэрээһини оҕо хамсааһынын тэрийээччитэ, дириэктэр сүбэһитэ Вилена Мартынова, дириэктэри иитэр үлэҕэ солбуйааччы Жанна Егорова уонна педагог-бибилэтиэкэр Василина Борисова тэрийэн ыыттылар. Дьүүллүүр сүбэҕэ үлэ уруогун учуутала Туйаара Самсонова, социальнай педагог Екатерина Нестерева, нэһилиэк дьаһалтатын сүрүннүүр исписэлииһэ Тамара Давыдова үлэлээтилэр. Кыттааччылар дьиэ кэргэнинэн ааҕыыга, миэстэтигэр тутатына толорор сорудахтарга, “Мин чөл олохтоох дьиэ кэргэним” диэн түһүмэхтэргэ тургутууну аастылар. Ол курдук бастакы түһүмэххэ кыттааччылар дьиэҕэ сорудаҕы толорон дьиэ кэргэн сурунаалын аҕалан көмүскээтилэр. Бары үчүгэй ис хоһоонноох, элбэх интэриэһинэй рубрикалаах, сурунаал таһын симээн-киэргэтэн оҥорбуттар. Ийэлэр этэллэринэн сурунаалы оңорууга кэккэ мэһэйдэри, кыһалҕалары көрсүбүттэр, матырыйаал хомуйуутугар дьиэ кэргэн бары хамсаабыттар. Онтон “Хартыына галереята” сорудахха биир дойдулаахпыт Семен Луканси хартыынатын көрөн туран кэпсээтилэр. Манна история учуутала, этнография куруһуогун салайааччыта Егор Никифоров хас биирдии хартыынаны кэпсээччилэргэ-истээччилэргэ ситэрэн-хоторон, толорон арыйан биэрдэ. Бу сорудах кыттааччыларга ыарахан соҕус буолан биэрдэ. Инникитин оҕо хартыыналары көрөн, историятын үөрэтэн, уустаан-ураннаан кэпсиир дьоҕурун сайыннарыыга үлэлэһиэхпит диэн эттилэр. Салгыы айар сорудахха ийэ оҕотугар, оттон оҕо ийэтигэр анаан бэриллибит бириэмэҕэ хоһоон айдылар. Наһаа үчүгэй ис сүрэхтэн кутуллан үөскээбит кыракый хоһооннору дуоһуйа иһиттибит. Иккис түһүмэх практическай сорудаҕар кыргыттар фартук эскииһин уруһуйдаабыттарын ийэлэр тиктилэр. Сэттэ мүнүүтэ иһигэр кыттааччыларбыт быһа охсон, иистэнэр массыынаҕа фартуктары тиктилэр. Түһүмэх кэнниттэн ийэлэр билиҥҥи олох ирдэбилинэн иистэнэр массыына хайаан да наадатын уонна кыргыттарын сыһыаран үөрэтэргэ диэн бэйэлэрин санааларын эттилэр. Бу кэннэ аны бэриллибит бородууктаттан бүлүүдэлэри астаатылар. Оҕо фруктаттан, оттон ийэтэ оҕуруот аһыттан уонна кэнсиэрбэттэн толкуйдаан, киэргэтэн баран, бүлүүдэлэрин туһунан билиһиннэрдилэр. Бүтэһик үһүс түһүмэххэ зумба үҥкүүтүн көрдөрдүлэр. Элбэх хамсаныылаах, киһи сүргэтин көтөҕөр музыкалаах үҥкүүнү бары хамаандалар олус бэркэ толордулар. Кыра кыргыттар үҥкүүһүттэрэ, имигэстэрэ бэрт буолан ийэлэрин бэйэлэрэ үөрэтэ охсон сорудах табылынна.
Түмүккэ дьүүллүүр сүбэ аатыттан нэһилиэк дьаһалтатын сүрүннүүр исписэлииһэ Тамара Давыдова инникитин маннык хабааннаах тэрээһиннэри элбэтэн ийэлэри, аҕалары оскуолаҕа чугаһатан биир санаанан оҕолорбутун иитиэҕиҥ, үөрэтиэҕиҥ диэн баҕа санаатын эттэ. Тыҥааһыннаах күрэх түмүгүнэн бириистээх төрдүс миэстэни маҥнайгы кылаастан Ольга Прокопьева кыыһынаан Машалыын, үһүс миэстэни алтыс кылаастан Сахая Эверстова кыыһынаан Киралыын, иккис миэстэни Лия Баранова кыыһынаан Ромиялыын уонна бастакы миэстэни үһүс кылаастан Күннэй Нестерева кыыһынаан Миленалыын ыллылар. Кыайыылаахтар сэмэй бэлэхтэринэн уонна дипломнарынан наҕараадаланнылар.
Василина Борисова, педагог-бибилэтиэкэр