Дириэктэр аатынан стройунан хаамыыга уонна байыаннай ырыаҕа күрэх ыытылынна

Сатаҕай орто оскуолатыгар сылын ахсын ыытыллар, үтүө үгэскэ кубулуйбут дириэктэрбит Егор Антонович Шишигин аатынан строевой  хаамыыга уонна байыаннай ырыаҕа күрэх буолла. Буоларын курдук бары кылаастар олус кыһаллан бэлэмнэммиттэр.


“Олунньу 23 күнэ — Аҕа дойдуну көмүскээччилэри чиэстиир уонна төрөөбүт дойдуну харыстыыр, көмүскүүр патриот ыччаты иитэн таһаарар сыаллаах государственнай бырааһынньык буолар. Уолаттарбыт 18 сааскытын туолан, улаатан, дьиҥнээх форма кэтэн Аармыйаҕа сулууспалаан эт-хаан өттүнэн сайдан, буһан-хатан,  ытык иэскитин төлөөн Аҕа дойдуну өстөөхтөртөн көмүскүүргэ бэлэмнээх  буолан кэлиэххит”-диэн оскуола директора Иванна Шишигина эҕэрдэ тылын тириэртэ уонна кытаанах доруобуйаны, сарсыҥҥы күҥҥэ эрэли, олоххо бигэ туругу, күүһү-уоҕу, туохха барытыгар сатабыллаах, байанайдаах, төрөөбүт дойдутун көмүскүүр эркин курдук эрэнэр эр хоһууттар буолан тахсалларыгар баҕатын биллэрдэ.

“Буойун” патриотичекай кулууб салайааччыта Василий Лукин Россия Армиятын күнүнэн эҕэрдэлээтэ уонна байыаннай учуокка ылыллыбыт саастарын сиппит оҕолорго байыаннай комиссариаттан приписной сибидиэтилистибэни туттарда.  Кыра кылаастарга ырыаҕа бастакы миэстэ 4-с кылаас, иккис миэстэ 3-с кылаас, үһүс миэстэ 2-с кылаас буоллулар. Строевой хаамыыга орто бөлөххө 7-с кылаас бастакы миэстэ, иккис миэстэ 6-с кылаас, үһүс миэстэ 8-с кылаас буоллулар. Улахан кылаастарга 3-с миэстэ 9 кылаас, 2-с миэстэ 11 кылаас, 1-кы миэстэни 10 кылаас ылан үөрүүлэрэ үксээтэ. Бастыҥ  хамандыырдарынан  6-с кылаас үөрэнээччитэ Лукин Айаал уонна 11-с кылаас үөрэнээччитэ Никитин Александр  ааттаннылар.

Христина СКРЯБИНА

Читайте дальше