Дизельнэй станция кыстыкка бэлэмнэнэр

Кыыдааннаах кыһыммытын этэҥҥэ аһарарбытыгар электроуот суолтата улахан. Балаҕан ыйын 5 күнүгэр бүтүн илин эҥэр үрдүнэн уот баран этэргэ диэри олох тохтообутун курдук буолбута. Бу түгэҥҥэ быыһыыр-абырыыр дизельнай электростанциябыт үлэлээтэ эрээри,  кини кыамтата кыра буолан биэрдэ.

Амматааҕы РЭС начальнигын э.т. Дмитрий Кузнецовы кытта сибээстэһэн, Чапчылҕан нэһилиэгэр баар ДЭС-кэ бара сырыттыбыт. Энергетиктэр этэллэринэн, бала5ан ыйын 5 кунугэр «Россети» ПАУо 220 кВ күүрүүлээх «Майа» подстанциятын реконструкцията уонна илин эҥэр улуустары хааччыйар 110 кВ Майа — Чурапчы линия хапытаалынай өрөмүөнэ буола турбут. Станцияҕа тиийбиппит үлэ күөстүү оргуйар. Улахан уот линиятын баҕаналара саамай кинилэр тутаах буолалларын биллэрэрдии тиэрэ тэбинэн аҕай тураллар. Ол таһыгар үлэһиттэр сүпсүгүрэллэр.

110 кВ Майа — Чурапчы линия хапытаалынай өрөмүөнэ буола турар кэмигэр биһиги 35 кВ күүрүүлээх икки линияҕа икки улахан АП быһыылаах баҕаналары уларыттыбыт. Үлэ түмүктэнэн эрэр. Көрөргүт курдук уот барар боруобата уонна бу чаҕылҕаны төттөрү охсор боруобат тардыллар. Урукку кэмҥэ маннык боруобат суох этэ. Уопсайынан бириэмэ уларыйан, туох барыта саҥардыллар», — диэн Дмитрий Кузнецов кэпсиир.

Кини этэрин боростуойдук быһаарар буоллахха, ДЭС уот биэрэр линиятын саҥарда сылдьаллар. Арыый суон боруобат тардыллан, бэриллэр уот хаачыстыбата тупсуохтаах. Онон кыһын улахан тымныыларга уот барар түгэнигэр ДЭС саахала суох уот биэрэр кыахтанар. Ол инниттэн дьэ бу киниттэн тахсар линияҕа хапытаалынай өрөмүөн бара сылдьар. Үлэ хаамыытын Дьокуускайтан “Якутскэнерго” ПАУО-тан кэлэн анал исписэлиис көрөр-истэр. Киһи үөрэрэ диэн бу үлэни бэйэбит олохтоох РЭС үлэһиттэрэ ыыта сылдьаллар.

Уопсайа нэдиэлэ курдук үлэлээтибит. Биригээдэҕэ сэттиэбит. Биһиэхэ күүс-көмө кран массыына, автовышка массыына буолаллар. Бу өрөмүөн үлэтэ нэһилиэнньэҕэ уот арахсар түгэнигэр харгыһа суох уот бэриллэригэр кыах биэрэр ”, — диэн Амматааҕы РЭС үрдүк күүрүүлээх уот линиятын маастара Анатолий Петров үлэтин быыһыгар сырдатта.

Дмитрий Дмитриевич быһаарбытынан, ДЭС кыамтата 6,4 МВт. Онтон Амма улууһун уотунан хааччыйыыга 8 МВт наада эбит. Кэнники сылларга станцияҕа өрөмүөн баран, эргэ турбиналар, оборудование уларыйбыта. ДЭС кыамтатын улаатыннар сыаллаах реконструкция ыытыллыахтааҕын туһунан «Якутскэнерго» хампаанньаҕа кэпсэтии бара турар. Онтон станция оҥорор уотун дьоҥҥо харгыһа суох тиэрдэргэ өрөмүөннэммит линиялар төһүү буолуохтара.

Ааптар: «Амма олоҕо» хаһыат

Читайте дальше