Амма улууһун бурдугу ыһар хаһаайыстыбалара ыам ыйын 20 күнүттэн саҕалаан ыһыыга киирдилэр. Ыам ыйын 23 күнүгэр улуус тыатын хаһаайыстыбатын салайааччыта Ион Кононов икки хаһаайыстыбаҕа сылдьан үлэ хаамыытын билистэ. “Бөтүҥ” хаһаайыстыбатын бааһынатыгар бэрэссэдээтэл Дмитрий Левины, хонуу биригэдьиирэ Анатолий Портнягины, үлэһиттэри кытта көрүстэ.
“Быйыл урукку сылларга холоотоххо арыый хойутаан киирдибит. Хойутааһыммыт биричиинэтэ диэн күн-дьыл тымныы этэ. Дьэ бу саҥа сылыйан эрэр дии. Ол гынан баран сииги баттаһан, сөптөөх бириэмэҕэ ыһыыны саҕалаатыбыт диэххэ сөп. Олус кураан турбута. Хата бу икки күҥҥэ ардаан, билигин бааһына сиигэ үчүгэй. Өссө былырыыҥҥы курдук искусственнай ардаҕы ыһыы кэнниттэн бэс ыйыгар түһэрэллэрэ буоллар олох үчүгэй буолуо этэ. Быйыл наһаа тыаллаах, кураанах күн-дьыл турар. Ол бурдук тахсыытыгар охсуо буоллаҕа”, — диэн хаһаайыстыба бэрэссэдээтэлэ Дмитрий Левин баҕа санаатын биллэрэр.
Билигин Тураҥнаах диэн сиргэ хас да килиэккэ бааһынаҕа ыһыы үлэтэ үгэннээн бара турар. Бааһынаҕа сеялкалаах икки тыраахтыр тохтоло суох сүүрэллэр. Хаһаайыстыба салайааччыта бэлиэтээбитинэн, ыһыыга үлэһит илии баар. Уопуттаах тырахтарыыстары кытта эдэрдэр солбуйса сылдьан үлэлииллэр.
“Быйыл уопсайа 576 гектары бурдук уонна сүөһү аһылыгын култууратыгар 125 гектары ыһабыт. Ол иһигэр ньэчимиэнэ 173 га, 403 гаҕа эбиэс ыһар былааннаахпыт. Онтон сүөһү аһылыгын култууратыгар “Суданская трава”, “Вика овсяная смесь” уонна “Горох овсяная смесь” ыһаммыт, аны күһүн хомуйан сиилэстиэхпит. Былырыын бу култуурабыт үүнүүтэ үчүгэй этэ. Манна “Мелиорация” бырагырааматынан ыһар систиэмэ ылан үлэлэтэммит кураан күннэргэ кыһаллабатахпыт, үчүгэй этэ”, — диэн этэр Дмитрий Степанович.
Билигин үлэһиттэргэ анаан бары усулуобуйа тэриллэн, икки сменанан үлэлии сылдьаллар. Хата урукку ПАЗ автобус үлэһиттэр аһыылларыгар, күүстээх үлэттэн сынньана түһэллэригэр абыраабыт. Көлүөһэлээх буолан ханнык бааһынаҕа көстүлэр да, соһон илдьэ сылдьаллар. Анал повардаахтар. Ол курдук минньигэс астаах, Тааттаттан тардыылаах Константин Тарбахов үлэһиттэр баҕа санааларын учуоттаан аһын буһарар эбит. Күүстээх үлэҕэ тотоойу биир быһаарар оруолу ылара саарбаҕа суох. Хонуу биригэдьиирэ хааччыллыы үчүгэй диэн астына бэлиэтиир.
“Поварбыт аһа туох да минньигэс бөҕө. Бородууктанан хааччыллыы үчүгэй. Билигин ыһыыга 1 “БТЗ”, үс “МТЗ – 12.21” уонна 4 “МТЗ-82.1” тыраахтыр үлэлии сылдьаллар. Уматык, минеральнай уоҕурдуу барыта баар. Сиэмэ бурдук бэйэбит “Амма” АУО -тан ылбыппыт. Оройуоннаммыт. Онон үүнүүтэ үчүгэй буолуо диэн эрэнэбит. Билигин 100-чэкэ ганы ыстыбыт. Быйыл саҥа техника ылан абыранныбыт. Уопуттаах үлэһиттэр Виктор Иванович Неустроев, Иван Юрьевич Сутаков эдэр үлэһиттэргэ сүбэ-ама буолаллар”, — диэн билигин ыһыы хампаанньатыгар сүрүн сүүрэ-көтө сылдьар хонуу биригэдьиирэ Анатолий Портнягин санаатын үллэстэр.
“Бөтүҥ” хаһаайыстыбата сииги куоттарбакка, үлэни тэтимнээхтик ыытан туорахтаах култууратын бэс ыйын 3 күнүгэр бүтэрэн, ол кэнниттэн сүөһү аһылыгын култууратын ыһыытыгар киирэн, уопсай ыһыы үлэтин бэс ыйын 12 күнүгэр диэри түмүктүүр соруктаах.
“Ол кэнниттэн күрүө абырахтааһынын ыытыахпыт. Манна олохтоох дьаһалтаны кытта кэпсэтии бара сылдьар. Билигин кылаабынай күн-дьыл туран биэриэн наада. Ол кэнниттэн дьэ абыраллаах ардах түһэн түспүт туорахпыт тахсарыгар көмөлөөх буоларыгар туохтааҕар да баҕарабыт”, — диэн этэр хаһаайыстыба бэрэссэдээтэлэ Дмитрий Степанович.
«Амма олоҕо» хаһыат