Дьокуускайга олорор бэтэрээннэр истиҥ көрсүһүүттэн сэргэхсийдилэр

Дьокуускай куоракка Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан норуот айымньытын дьиэтигэр Улуу Кыайыы күнүн көрсө  «Амма Түмсүү» активистара  ытыктабыллаах бэтэрээннэрин, аҕам саастаах биир  дойдулаахтарын эҕэрдэлээн,  мааны астаах остуол тардан, бэрт сэргэх бырааһынньыгы тэрийдилэр. Ытык дьоммут бэйэ бэйэлэрин кытта көрсөн, кэпсэтэн, бэркэ сэргэхсийэн тарҕастылар.


Тэрээһин Арина Васильева салайааччылаах «Ил Сэгэй» диэн 29№-дээх оскуола оҕолорун чаҕылхай үҥкүүлэринэн арылынна. Үөрүүлээх бырааһынньыкка ытык дьоммутугар  наҕараадалары туттарыы дохсун ытыс тыаһынан доҕуһуолланна. Түмсүү салайааччыта Александр Кузьмин-Хомпу Таман норуот депутата Александр Иванович Корякин аатыттан Ил Түмэн сис кэмитиэтин Бочуотунай грамоталарын, Махтал суруктарын туттартаата.

Салгыы Амматтан анаан минээн кырдьаҕас дьоммутун көрсөөрү  улуус баһылыгын социальнай боппуруостарга солбуйааччы Нюргуяна  Илларионова кэлэн, улуус дьаһалтатын аатыттан эҕэрдэлээтэ, бэлэхтэри туттартаата. Улуус билиҥҥи олоҕун-дьаһаҕын, сонуннарын, ыһыахха бэлэмнэнии хаамыытын  билиһиннэрэн улаханнык сэргэхситтэ, хас биирдии кырдьаҕас санаатын -сүбэтин истэн бэртээхэй кэпсэтиини тэрийдэ.

 Көрсүһүү кэмигэр  Амматтан төрүттээх кэрэ куоластаах ырыаһыттарбыт, СӨ култууратын туйгуннара Акулина Васильева — Дойдууна,  Татьяна Бандерова, “Чакыр түмсүү” салайааччыта Надежда Алексеева, түмсүү иһинэн тэриллибит Светлана Неустроева салайааччылаах  «Алгыстаах Амма»  бөлөх, эстрада тыйаатырын артыыһа Сияна Грязнухина, Айыына Ильина — Какитока, Людмила Новикова, “Алтан түмсүү” салайааччыта Михаил  Неустроев  баянынан Амма туһунан иһирэх  ырыаларын ыллаан аҕам саастаахтар сүргэлэрэ ордук көтөҕүлүннэ. А.Е. Кулаковксай аатынан куорат киинигэр турар улахан уораҕайга урукку да өттүгэр, бу да түгэҥҥэ  сырдык, киэҥ  сааланы бэйэтэ кэпсэтэтэн, тэрийэн биэрбит Александра Максимовна Сибиряковаҕа, дьоро күн култуурунай тэрээһинин сценарийдаан, торумнаан айбыт-туппут дьоммутугар  Марина Корниловаҕа, Любовь Боярскаяҕа, “Абаҕа түмсүү” салайааччыта Виктория Сутаковаҕа уонна көхтөөх кыттыыны ылбыт актив чилиэннэригэр барҕа махталбытын тиэрдэбит. Аҕам саастаах дьоммут үлэлээн -хамсаан, айан-тутан ааспыт кэмнэрин, үтүөкэннээх үлэлэрин  куруук махталлаахтык ахтабыт, мэлдьитин  ытыктабыллаахтык саныыбыт.

Кэлбит бэтэрээннэр, “дьиэҕэ олорор дьон быһыытынан, бу тэрээһиҥҥэ үөлээннээхтэрбитин көрсөн ирэ-хоро сэлэстибит,  ыллаан -үҥкүүлээн дуоһуйа сынньанныбыт, эдэр сааспытын санаан сырдаатыбыт, улаханнык сэргэхсийдибит” диэн «Амма Түмсүү» активистарыгар, илии -атах буолан сүүрбүт-көппүт «Күндүл» түмсүү эдэркээн уолаттарыгар, кыргыттарыгар улахан махталларын биллэрдилэр. Бу курдук бары түмсүүлээх буоллахпытына, эдэрдиин, кырдьаҕастыын бары бииргэ тутуһан сырыттахпытына  кырдьар саас кыйдаммыкка, эдэр саас өссө эрчимирбиккэ дылы буолар эбит.

Татьяна СТЕПАНОВА

Читайте дальше