Дьон үөрүүтэ, махтала үтүөҕэ кынаттыыр

Захар Александров баһылыктаах Амма Наахара нэһилиэгин эр дьоно субуотунньугунан сыллата муус ылан кырдьаҕастарга тиэйэн үөрүү бэлэхтииллэр. Быйыл социальнай харалта испииһэгэр баар уонна байыаннай дьайыыга сылдьар уолаттарбыт төрөппүттэригэр кыстыыр муустара тиэлиннэ.

Ыччат лидерэ Мичил Ефремов ыччаттары түмэн үөрэнээччи, ыччат, аҕа үс көлүөнэ үлэҕэ турунна. Бу  дьыалаҕа быйыл оскуола үрдүкү кылааһын уолаттарын кытыннарбыттара олус хайҕаллаах, улахан дьон үлэнэн иитии, төрүттэрин үлэлэрин утумнаан үүнэн, ситэн тахсалларыгар холобурун көрдөрдүлэр.

Сорох оҕолор муус ылыыга бастакы холонуулара буолла. Бу күн кинилэргэ үйэ-саас тухары үлэҕэ хардыы буолуо турдаҕа. Баһылык Захар Семёнович толкуйунан, бэйэтин холобурунан үөрэнээччилэри, ыччаттары, аҕалары барыларын үлэҕэ тэҥҥэ тутуута көлүөнэ олоххо биир тэҥник хаамыытын көрдөрөр. Муус ылыытыгар үөрэнээччилэр Леня Александров, Виссарион Тарскай, Еремей Никифоров, Тит Кузьмин, Петя Пахомов, Сандал Павлов, Тит Кузьмин, Талбан Мартынов, Спартак Макаров сырыттылар.

«Төрөөбүт дойдум үлэһит эдэр уолаттарыгар барҕа махталбытын ыытабыт! Олус үөрдүбүт, Захар Семёнович баһылыктаах нэһилиэкпит эр дьоно түмсүүлээхтэриттэн, кырдьаҕаска, кыаммакка өрүүтүн кыһаллан көмөлөһөллөрүттэн олус астынабыт, инникитин доруобай буолуҥ! Бу курдук куруук сомоҕолоһон дойдугут сайдарын туһугар туруулаһан үлэлээн —  хамсаан этэҥҥэ буоларгытыгар баҕарабыт! Махтал буоллун!» — диэн Людмила, Михаил Ксенофонтовтар махтал мааны тылларын анаатылар.

Дьон махтала, үөрүүтэ эһигини арчылаатын — араҥаччылаатын биһиги күүстээх дуоланнарбытын! Этэҥҥэ буолуҥ!

Ирина Корякина — Олесова.

Читайте дальше