Бүгүн Амма Наахара нэһилиэгэр Үлэ Дьоруойа Петр Ионович Яковлев төрөөбүтэ 103 сааһын бэлиэтээн Кыайыы болуоссатыгар турар киниэхэ анаммыт пааматынньыкка тэрилтэ салайааччылара, үөрэнээччилэр тоҕуоруһа муһуннулар.
Киирии тылыгар «Түмэн» сынньалаҥ киин дириэктэрэ Сардаана Лебедева Петр Ионович олоҕуттан быһа тардан кэпсээтэ. Амма Наахара баһылыга Захар Александров эҕэрдэ тылын кэннэ рупор нөҥүө Егор Михайлович Никифоров устан хаалларбыт буойун, учуутал, Үлэ Дьоруойа саҥатын миитин кыттааччылара эт кулгаахтарынан истэн үөрдүлэр-көттүлэр.
«Дуораанчык» уһуйаан салайааччыта Полина Кононова эҕэрдэтэ, пааматынньыкка сибэкки ууруу, оччотооҕу үлэ туһунан хоһооннор иһилиннилэр.
Чулуу дьон үлэлээн-хамсаан ааспыт олохторугар эппиэтинэс, кэрэҕэ тардыһыы, үлэнэн дьоллонуу барыбытыгар холобур буолан сырдыгынан сыдьаайа туруохтун!
Ирина Корякина — Олесова.