Өбүгэ дьарыгын илдьэ сылдьар дьон үлэлэрин сэргээтилэр

Эһиил ыытыллар Олоҥхо ыһыаҕар бэлэмнэнии тэтимин ыһыктыбат. “Олоҥхо айана” десант бэҕэһээ Чапчылҕан нэһилиэгэр ыалдьыттаата. Баһылык Дьулустан Юшков бэлиэтээбитинэн хамыыһыйа чилиэннэрэ нэһилиэк тарбаҕар талааннаах иистэрин, уустарын оҥоһуктарын ордук сэргээтилэр.

-Чапчылҕан төһө даҕаны эдэрчи нэһилиэк буоллар, талааннаах, сатабыллаах дьон уутуйан олохсуйбут сирдэрэ буолар. Аҥардас чап уустарбыт бастакынан Амма болгуо тааһын уһаарбыттара даҕаны элбэҕи кэпсиир.  Кинилэр оҥорбут быһахтара улуус иһигэр эрэ буолбакка, өрөспүүбүлүкэҕэ биһирэнэллэр. Иистэнньэҥнэрбит эмиэ сахалыы таҥаһы тарҕатыыга, кэрэхсэбилин үрдэтиигэ холобурга сылдьаллар. Онон бэҕэһээ ыытыллыбыт быыстапкаҕа киһи көрөрө, сэргиирэ эмиэ элбэх буолла. Култуура управлениетын салайааччы Иван Иванов салайар бөлөҕө хайаан даҕаны ылынара баара буолуо дии саныыбын,- диэн Дьулустан Авксентьевич эрэллээҕин биллэрэр.

«Амма олоҕо» хаһыат.

Читайте дальше