Өбүгэ дьоҕурун ыччакка иҥэрээри

Амма-Наахараҕа  биллэриллибит Ийэ уонна Оҕо сылынан нэһилиэкпит бастакы Герой Ийэтэ Мария Лаврентьевна Александрова төрөөбүтэ 100 сылыгар, Лээги — Чакыр холбоспуттара 55 сылыгар аналлаах Амма улууһун соҕуруу эҥэр сытар оскуолаларын үөрэнээччилэригэр “Ахтан-санаан аастахха” диэн кэмпириэнсийэ буолан ааста. Манна Чакыр, Болугур, Амма Наахара үөрэнээччилэрэ үрдүк ситиһиилээхтик кытыннылар.

Ааҕыыны «Амма — Наахара нэһилиэгэ» МТ дьаһалтата, «Лээги» түмсүү,  Амма Наахара орто оскуолата сомоҕолоһон тэрийдилэр.

Күрэх Үлэ Дьоруойа П.И. Яковлев аатынан Амма-Наахара орто оскуолататыгар ыытылынна. Тэрээһини Елена Кузьмина салайар орто бөлөх уолаттара «Дойду ахтылҕана» ырыанан астылар.

Оҕо төрдүн — ууһун билиитин уонна үөрэтиитин ситиһии, төрүттэрбит үтүө майгыларын, төрүкү дьоҕурдарын ыччакка иҥэрии уонна сайыннарыы күрэх сыалынан буолла.

Ааҕыы түөрт хайысханан барда: «Ийэҕэ махтал» Герой ийэлэр, элбэх оҕолоох ийэлэр тустарынан сырдатыы 1-11 кылаастарга, «Төрүччү: өбүгэ ситимэ, күүһэ, көмүскэлэ» хайысха 5-11 кылаастары түмтэ. Үһүс хайысхаҕа “Сөргүтүү кэмин санаанө ааһыаххайын” ыстатыйа суруйуутугар Лээги сиригэр кырыс сири сөргүтэ кэлбит дьоннору сырдатыыга уонна Үйэлэргэ кэпсииллэр ол саһарбыт хаартыскалар…”

секцияҕа 1-11 кылаас үөрэнээччилэрэ кэтэхтэн кытыннылар. Хаартыска ирдэбилигэр 1940-1990 сылга дылы түспүт хаартыскалары сырдатыы буолла. Хаартыскаҕа ханнык сыл көстөрүн, туох буола турарын сиһилии суруйан сырдатыыны дьүүллүүр сүбэ көрдө. Бу күн барыта түөрт хайысхаҕа 46 үлэ оҥоһуллан күрэххэ кытынна.

Төрүччү күрэҕэр 7-8 кылаастарга «Кылаан чыпчаал» Амма Наахара орто оскуолатын 8 кылааһын үөрэнээччитэ Яна Егорова, Болугур орто оскуолатын 7 кылааһын үөрэнээччитэ Луиза Дьячковская  ll Үрдэл хаһаайката буолла. 9-11 кылаастарга Чакыр орто оскуолатын 10 кылаас үөрэнээччитэ Айтал Максимов «Кылаан чыпчаал» хаһаайына үрдүк аатын сүктэ. Амма Наахаралар 9 кылаас үөрэнээччитэ Леонид Александров ll Үрдэл уонна 10 кылаастан Виссарион Тарскай l Үрдэл хаһаайыннара буоллулар.

«Ийэҕэ махтал» хайысхаҕа lll Үрдэлгэ Амма Наахара 6 кылааһын үөрэнээччитэ Эрсан Егоров уонна 7 кылаас үөрэнээччитэ Дима Ефремов, Болугуртан Сардаара Саввинова, Амма Наахараттан 5 кылаас үөрэнээччитэ Сайнаара Пахомова таҕыстылар. ll Үрдэлгэ Амма Наахара 6 кылааһын үөрэнээччитэ Слава Никифоров, l Үрдэлгэ Амма Наахара 7 кылааһын үөрэнээччитэ Дамир Мартынов таҕыста. «Кылаан чыпчаал» үрдүк аатын Чакыр орто оскуолатын 5 кылааһын үөрэнээччитэ АйУол Новиков, Амма Наахараттан 3 кылаас үөрэнээччитэ Сеня Александров, 6 кылаастан Алгыстаана Михайлова ыллылар.

Ыстатыйаларга түмүк маннык буолла. lll Үрдэл Болугуртан 5 кылаас үөрэнээччитэ Айсуль Константинова, ll Үрдэл Амма Наахараттан 6 кылаас үөрэнээччитэ Алгыстаана Михайлова, Болугуртан 10 кылаас үөрэнээччитэ Максим Аммосов, l Үрдэл Амма Наахараттан 11 кылаас үөрэнээччитэ Нарыйаана Макарова уонна «Кылаан чыпчаал» үрдүк аатын Эльвира Трофимова ылан кыайыы кынаттаннылар.

Хаартыскаҕа 26 үлэ киирбит. lll Үрдэли Амма Наахара 1кылааһын үөрэнээччитэ Тимур Макаров, Чакыртан 6 кылаас үөрэнээччитэ Кристина Федорова, 3 кылаас үөрэнээччитигэр Айсаана Михайлова, ll Үрдэл Чакыр 6 кылаас үөрэнээччитэ Алиса Матвеева, Амма Наахара 8 кылаас үөрэнээччитэ Кюндюнэ Степанова,  l Үрдэл Амма Наахара 3 кылаас үөрэнээччитэ Шамиль Макаров, «Кылаан чыпчаал» Амма Наахараттан 11 кылаас үөрэнээччитэ Мирослав Романов, 7 кылаастан Эльвира Трофимова, 1 кылаастан Саша Александров тахсаннар үөрүүлэрэ үксээтэ. «Лээги түмсүү» салайааччыта Анна Устиновна Александрова кыайыылаахтарга бириэмийэлэри итиэннэ анал бэлиэлэри, олохтоох дьаһалтаҕа уонна оскуола кэлэктиибигэр кинигэлэри бэлэх туттарда.

Нэһилиэк баһылыгын солбуйааччы Сахаяна Иннокентьевна Михайлова дьаһалта аатыттан кэнпириэнсийэни тэрийбит, үөрэнээччилэри бэлэмнээбит салайааччыларга, дьүүллүүр сүбэҕэ үлэлээбит дьоҥҥо «Махтал суруктары» туттарда. Тэрээһини Лээги сиригэр төрөөбүт  саха тылын үрдүкү категориялаах учуутала Матрёна Павловна Макарова барыллаан, тэрийэн бэрт сэргэхтик ыытта.

Ирина Корякина- Олесова.

Читайте дальше