Дария Захарова дириэктэрдээх Академик Л.В.Киренскэй аатынан Амма лиссиэйэ сыл аайы сайыҥҥы чинчийэр экспедицияны тэрийэн ыытар ыыра кэҥээн иһэр. Быйылгы экспедицияҕа Н.Е. Иванов аатынан Бөтүҥ орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ кыттыстылар. ”Өбүгэбит аартыгынан” экспедиция сүрүн сыалынан историяны, кыраайы үөрэтии, палеонтологическай чинчийии, фольклору хомуйуу буолар. Бу сырыыбытыгар оҕолор окко көмөлөһөн, бизон, носорог кырматаларын булан, Харама хайатыгар сынньанан умнуллубат күннэр аастылар.
Атырдьах ыйын 7-9 күннэригэр үөрэнээччилэри ийэ айылҕалыын алтыһыннаран, өбүгэбит олоҕун-дьаһаҕын, төрүт дьарыгын билиһиннэр соруктаах айаҥҥа туруммуппут. Амма лицейин тэрийиитинэн, М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи Федеральнай университет Естественнэй билим институтун научнай чинчиһиттэрэ, биологическай билим аспирана Иван Пономарев уонна магистрант Дмитрий Илларионов, Амматааҕы эдэр туристар станцияларын методиһа Саргылана Федорова, Н.Е. Иванов аатынан Бөтүҥ орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ,лиссэй учууталлара Мария Ноговицына, Алена Быстрова уонна үөрэнээччилэрэ үс күннээх экспедицияҕа сырыттыбыт. Бастакы күн экологическай иитии киинигэр Токур Күөлгэ тохтоон, Амма кытылын 5 биэрэстэтин хабан, муус кэмигэр үөскээбит сэлии, носорог, бизон, таба кырамталарын булан үөрдүбүт. Лиссиэй 6 «а» кылааһын үөрэнээччитэ Айаал Лобанов билим «Инникигэ хардыы» кэмпириэнсийэҕэ кыттар эбии матырыйаалын носорог кырамтатын булан астынна.
Онтон салгыы албан ааттаах Абаҕаҕа чулуу олоҥхоһут У.Г. Нохсоороп искибиэригэр тохтоон, Абаҕатааҕы У.Г. Нохсоороп аатынан култуура киинин дириэктэрэ Екатерина Яковлева олоҥхоһут айар үлэтин туһунан иһирэхтик кэпсээбитин сэҥээрэ иһиттибит, Абаҕа герой пионердарын хорсун быһыытын туһунан Амма лиссэйин саха тылын уонна литературатын учуутала Мария Дмитриевна кэпсээтэ.
Онтон салгыы Түбэҕэ тиийэн олохсуйдубут, Кыыс Амма уҥуор чинчийиибитин салҕаатыбыт,өрүс кытылын үөрэттибит, урут көстүбүт сэлии, носорог кырамтата көстүбүт сирин чинчийэн көрдүбүт, үөрэттибит эрээри, тугу да булбатыбыт. Фермэр Николай Кайдалов хаһаайыстыбатыгар көмөлөһөн, оҕолор от мустулар, лэкээ туруодулар. Мария Дмитриевна кыраабылы, атырдьаҕы хайдах тутары, оту мунньары, субууну оҥорору, лэкээни туруорары көрдөрдө,сүбэлээтэ. Тыа хаһаайыстыбатын үлэтин саҥа билсэн соһуйдулар, астына үлэлээтилэр. Сорох оҕо аан бастаан кыраабыл, атырдьах тутта, от муста, субуутун оҥордо. Ол эрээри бары көхтөөхтүк тиритэ-хорута үлэлээн, 150 лэкээбит 75 бугул буолла. Оҕо санаатын табан, салайан биэрдэххэ, билиҥҥи кэм оҕото тыа хаһаайыстыбатын үлэтиттэн, төрүт дьарыкпытыттан туора турбат эбит диэн, эрэлбит күүһүрдэ.
Учууталлар оҕолор сатабылларыттан сүргэбит көтөҕүлүннэ. Хаһаайын Николай Кайдалов оҕолорго сүбэ-ама биэрдэ, махтанан Ытык Харама хайатыгар тахсарбытыгар Кыыс Амманы мотуордаах оҥочонон туоратан үөртэ. Ытык сирбитигэр тиийэн үрдэли дабайдыбыт. Өбүгэбит сиэрин-туомун тутуһан, арыылаах алаадьынан күндүлээтибит, алгыс туомун толордубут. Алена Вячеславовна хайа үһүйээнин туһунан сэһэргээтэ, үрдүк сир эниэтигэр үүнэр үүнээйилэри билиһиннэрдэ, үөһэ тахсан, төрөөбүт төрүт буорга сытан күүс-уох ыллыбыт, сынньанныбыт, Харама хайатын бөхтөн — сыыстан ыраастаатыбыт.
Оҕолор “Түбэҕэ” фермер Николай Спартакович хаһаайыстыбатыгар сырыттылар, тыһы, атыыр козалары, оҕо козаны, атыыр хойу, кролигы, кууруссалары, бөтүүгү сорох аан бастаан, сорох тыыннаах дьиэ кыылын саҥа көрөн сөхтүлэр.Экспедиция саамай кыра кыттааччылара, «Кэнчээри» уһуйаан «Кустук» бөлөх иитиллээччитэ Эрчимэн, лиссиэй төрдүс кылааһын үөрэнээччитэ Айаан, сөҕөн-махтайан, кэллилэр-бардылар, төттөрү-таары сүүрдүлэр-көттүлэр.
Айаммыт салҕанан, дириҥ историялаах Мээндиги сиригэр-уотугар кэллибит. Нэһилиэк баһылыга Илья Владимирович Семенов үөрэ-көтө көрсүстэ, «Боотур уораҕайыгар” кэлсэн олохпутун булларда. Мээндиги нэһилиэк гражданскай кэминээҕи историятын, фольклорун билиһиннэрдэ. «Тыгын Дархан» киинэни устубут алаастара эбит. Алаас баай историятын сөҕө-махтайа сэргээтибит. Сарсыарда туран Туустаах күөл уутунан, бадараанынан сууннубут, Быкы үрэҕин батан, Амма өрүс кытылын устун сэлии кэминээҕи кырамталары көрдөөтүбүт, носорог, бизон кырамталарын буллубут, Амма эбэбит кытылын геологическай дьикти быһыылаах таас оҥоһуктарын сэргии көрдүбүт. Кыыс Аммабыт кытылыгар олорон аһаатыбыт, оонньоотубут, сэһэргэстибит, үһүйээннэри иһиттибит.
Лиссиэй үөрэнээччилэрэ: Сардаана, Ира, Өркөн, Ян, Вика, Анита, Бөтүҥ оскуолатын үөрэнээччилэрэ: Тима, Радмир, Айдын айылҕаҕа сылдьа, үлэлии үөрүйэхтээхтэрэ, тэрийэр дьоҕурдаахтара атын оҕолорго холобур эрэ буолар. Экспедицияны өйөөбүт Бөтүҥ орто оскуолатын дириэктэригэр Акулина Семенона Ивановаҕа, оскуола завуһа Мария Денисовна Ивановаҕа, минньигэс астаах асчыппытыгар О.Н. Ивановаҕа, Амма лиссиэйин сыыдам сырыылаах суоппарыгар Христофор Христофорович Слепцовка, Амматааҕы эдэр станция дириэктэригэр Николай Николевич Николаевка, катамараанынан сырытыннарбыт Павел Павлович Ивановка, методист Саргылана Юрьевна Федороваҕа, Мээндигин баһылыгар Илья Владимирович Семеновка, Абаҕа фермэригэр Николай Спартакович Кайдаловка, ХИФУ чинчиһиттэригэр Иван Васильевич Пономаревка, Дмитрий Викторович Илларионовка, лиссиэйбит дириэктэригэр Дария Иннокентьевна Захароваҕа, төрөппүттэргэ махталбыт муҥура суох.
Алена БЫСТРОВА, Мария НОГОВИЦЫНА.