Эһэбитинэн киэн туттабыт

Сыл-хонук, күн-дьыл аастаҕын аайы Ийэ дойдубут көмүскэлигэр хорсуннук сэриилэспит, Кыайыыны уһансыбыт буойуттарбыт тустарынан ахтыылар өссө күндүтүйэн иһэллэр, махтал истиҥ тылларынан ахтыллаллар, албан ааттара холобур буолар. Биһиги эһэбит Афанасий Афанасьевич Аргунов Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэриигэ 1943 сыллаахха ыам ыйыгар ыҥырыллыбыта. II Украинскай фронт 5-с армиятын 49-с стрелковай дивизиятын 920-с полкатыгар минометчигынан сэриилэспитэ.


 

Эһэбит 1944 сыллаахха Ворошиловград куорат иһин кыргыһыыга атаҕар улаханнык бааһыран, элбэх ыйга госпитальга эмтэнэн, 1945 сыл тохсунньуга дойдутугар II группалаах инбэлиит буолан, тобугар оскуолактаах баттыкка уйдаран эргиллибитэ.

Хорсун буойун Аҕа дойду Улуу сэриитин I степеннээх уордьанынан, «Хорсунун иһин», «Бойобуой үтүөлэрин иһин», «1941-1945 сс. Аҕа дойду Улуу сэриитигэр. Килбиэннээх үлэтин иһин» уонна «Германияны Кыайыы иһин» мэтээллэринэн наҕараадаламмыта.

Сэрииттэн кэлээт төрөөбүт түөлбэтигэр эйэлээх олоҕу тутуспутунан барбыта. 1952-1959 сылларга нэһилиэгэр аан бастакынан оҕуруот аһын үүннэрэр биригээдэни салайбыта. Бастыҥ оҕуруотчут, болуотунньук быһыытынан биллибитэ. Холкуостары бөдөҥсүтэр кэмнэргэ төрдүө буолан, улахан сүөһү тутар хотоннорун, үлэһиттэр олорор, үүт тутар хас да дьиэлэрин техника көмөтө суох кылгас кэм иһигэр хара илиилэринэн тутан үлэҕэ киллэрбиттэрэ. 1963 сыллаахха илин эҥэрдээҕи оройуон Сэбиэтин IX ыҥырыылаах мунньаҕын дьокутаатынан талыллыбыта. Таһаарыылаах үлэтэ, үрдүк ситиһиитэ Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин Президиумун Бочуотунай грамотатынан бэлиэтэммитэ.

Эһэбит эбэбитин  Пелагея Николаевналыын 43 сыл устата бииргэ олорон, тоҕус оҕону иитэн, үөрэттэрэн киһи-хара оҥорбуттара. Эһэлээх эбэбит олорбут олохторунан киэн туттабыт, холобур оҥостобут. Ким да умнуллубат, туох да умнуллубат!

 

Вера ИВАНОВА.

Читайте дальше