Эмис нэһилиэгэ улуус киинин олохтоохторугар «Саһыл Сыһыы» диэн туруруорууну көрдөрөн киэҥ сэҥээриини ылла. Туруоруу режиссера Марианна Ефимова. Бу испэктээххэ нэһилиэктэн үс дьиэ кэргэн тэҥинэн кытынна. Кинилэртэн биирдэстэрэ Алексей уонна Зинаида Соловьевтар буолаллар. Кинилэри кытта уоллара Алексей эмиэ кытынна.
» Биһиги нэһилиэкпит ыытар тэрээһиннэригэр барытыгар көхтөөх кыттыыны ылабыт. Бу «Саһыл Сыһыы» испэктээх үһүс улахан испэктээхпит буолар. Манна аҕабыт Алексей Кропачев оруолун, мин Кытай олохтооҕун уонна саллаат оруолун оонньообуппут. Уолбут эмиэ саллаат буолбута. Ол иннинэ Күннүк Уурастыырап «Былыргы дьыллар быыстарынан» диэн айымньытынан турбут испэктээххэ эмиэ кэргэмминээн кыттыбыппыт. Аҕабыт онно эмиэ биир сүрүн оруолу толорбута. Ол кэнниттэн Дмитрий Наумов «Өлөөннөөх зоната» диэн аймньытынан турбут испэктээххэ уолбутун кытта кыттыбыппыт. Ону сэргэ Иннокентий Иванов «Алмаас уонна харах уута» сэһэнинэн «Чуумпу Бүлүү» испэктээх буолбута. Манна эмиэ кыттан сүрүн оруоллары толорбуппут. Маннык барытыгар дьиэ кэргэнинэн сылдьар наһаа үчүгэй. Биһиги бары тэҥинэн окко, айылҕаҕа сылдьабыт, оҕолорбутун үлэнэн иитэбит. Сайын түргэнник ситэр салааҕа ылсан куурусса, кролик тутабыт. Онон оҕолор соло буолбаттар, барытыгар күүс-көмө дьоно»,- диэн ыал ийэтэ Зинаида Валерьевна кэпсиир.
Соловьевтар Эмис нэһилиэгин чахчы да биир көхтөөх дьиэ кэргэнэ буолаллар. Түөрт оҕолоох улахан дьиэ кэргэн. Улахан уоллара Виталий Арассыыйа аармыйатыгар Владивосток куоракка сулууспалыыр. Старшай матрос званиетын ылан муораҕа устар. Иккис уол Алеша орто оскуола 7-с кылааһын үөрэнээччитэ. Кини кэнниттэн кыыс Алиса иккис кылааска үөрэнэр, онтон кыралара, муннуларын бүөтэ Аленушка түөрт саастаах, уһуйаан иитиллээччитэ. Соловьевтар бары ыытыллар култуурунай да, спортивнай да тэрээһиннэргэ кыттан, нэһилиэктэрин чиэһин улууска ситиһиилээхтик көмүскүүллэр. Маннык көхтөөх дьиэ кэргэннээх нэһилиэк туруктаах олохтоох, инникигэ эрэллээх.
«Амма олоҕо» хаһыат