Эмистээҕи “Чуораанчык” уһуйааҥҥа Комсомол тэриллибит күнүгэр историяны кытта билсэр иһирэх тэрээһин ыытыллынна. Тэрээһиҥҥэ үлэһиттэр, оҕолор бука бары кытыннылар.
“Уhуйааммытыгар Комсомол күнүн оҕолордуун, үлэhиттэрдиин бэлиэтээтибит. Ол курдук бу күн бары үлэhиттэр уонна иитиллээччилэрбит сарсыардаттан сэбиэскэ й кэми санатан пионер хаалтыhын иилинэн кэлбиттэрэ бырааhынньык силигин ситэрэн биэрдэ. Оҕолор комсомоллуу сылдьыбыт иитээччилэригэр ырыа бэлэх ууннулар, бэтэрээн үлэhиттэргэ уhуйаан дьаһалтатыттан эҕэрдэ открыткалар туттарылыннылар. Комсомол, пионерия кэмин санатан уhуйаан таhыгар, иhигэр фотозонолар, быыстапкалар турдулар. Кэлэктиип идэлээх сойууһун бэрэссэдээтэлэ Николай Захаров, иитээччи, нэһилиэккэ комсомол сэкэрэтээринэн үлэлээбит Лена Тихонова кылгас иhитиннэриилэри оҥордулар”, — диэн уһуйаан физкультураҕа инструктора Нонна Ноговицына сырдатар.
“Амма олоҕо” хаһыат