Мэҥэ Хаҥалас улууһун Хорообут нэhилиэгэр илиинэн охсууга өрөспүүбүлүкэтээҕи күүлэйгэ Эмис нэһилиэгин хамаандата Амма улууһун аатын чиэстээхтик көмүскээтэ. Кимнээх икки хары күүһүн билэр, тургутар күүстээх от күрэҕэр кытыннылар?
“Быйылгы өрөспүүбүлүкэтээҕи күүлэй Хорообут нэһилиэгэр Атах Бүтэй диэн ааттаах киэҥ алааска буолан ааста. Илиинэн от охсуутун күрэҕэр биhиги нэhилиэктэн тыа ыалын үлэтин- хамнаhын өрө туппут Тимофеевтар дьиэ кэргэн уолаттара Авдей, Тихон, Матвей, кыра кыыстара Александра уонна Василий Прохоров кыттыыны ыллылар. Күрэххэ Дьокуускай куораттан, Хаҥалас, Нам, Горнай, Мэҥэ Хаҥалас улуустарыттан бааллар, Амма улууһуттан биһиги эмистэр баран кытынныбыт. Маны сэргэ күүлэйгэ мэҥэлэр ыалдьыттара Белоруссияттан 18- с саастаах Ярослав Архипов кытынна.
Оҕолорго Тимофеевтар кыра уоллара 11 саастаах Матвейка кытынна уонна охсуута ырааhын элбэх киhи сэргээтэ. Онон түмүккэ Матвейкаҕа “Саамай кыра охсооччу” диэн анал ааты иҥэрдилэр. Орто уол Авдей эдэрдэргэ 2 -с, ыал кыра кыыһа Александра 2- с, ону таhынан кини өссө “Саамай ыраас суоллаах охсооччу” анал аат хаhаайката буолла. Онтон Эмис нэһилиэгин олохтооҕо Василий Прохоров 55 саастарыттан үөһэлэргэ 3-с миэстэни ылары ситистэ.
Түмүк тахсыар диэри күрэххэ кыттыбыт уолаттарга хапсаҕайга абсолютнай күрэҕи тэрийдилэр. Манна Тимофеевтар икки уолаттара Тихоннаах Авдей иккиэн суруйтаран утарсылаhааччыларын сууллартаан финалга эмистэр финаллара буолла. Дьэ тыҥааһыннаах киирсиигэ Тихон убайын суулларан күрэх муҥутуур кыайыылааҕа буолла.
Бу күрэххэ ыалдьыттара Белоруссияттан сылдьар Ярослав эмиэ кыттыбыта. Кини сүүрүүгэ маастарга кандидат эбит. Мэнэ Ханаластар Хорообуттар күрэх кыттыылаахтарын, ыалдьыттары уhун остуолга ас арааhын тардан аһаттылар, душ оҥорон сүрдээх учугэйдик тэриммиттэр. Бириистэрэ да ботуччу буолан кыттааччылар, кыайыылаахтар астынан тарҕастылар. Тимофеевтар оҕолоро кытталларыгар ийэлэрэ Матрена Николаевна, аҕалара Авдей Данилович, убайдара Данил Гурьев («Авдейдар» хамаанда буолан), ону сэргэ Василийга көмөлөһөөччүнэн Николай Исаков уу таhан, хотуур сытыылаан сырыттылар. Уопсайа 10 буолан кыттан нэhилиэкпит, улууспут аатын ааттатан кэллибит”, — диэн нэһилиэк спортка исписэлииһэ Нонна Ноговицына сырдатта.
Тимофеевтар дьиэ кэргэн ийэлэрэ Матрена Тимофеева күүлэйгэ тэбис тэҥҥэ сылдьан, оҕолорун туһугар дууһалыын “ыарыйда”.
“Күүлэй күрэҕэ олус куйаас күҥҥэ ыытылынна. Илиинэн охсуу олус илистиилээх көрүҥ да буоллар 40-тан тахса кыттааччы күөн көрүстэ. Бары 4 чаас тохтобула суох оҕустулар. Тэрээһин үрдүк таһымнаахтык ааста, дьүүллүүр сүбэ мөккүөрү таһаарбаттыы олус бэркэ үлэлээтэ диэн бэлиэтээтибит. Дорҕоон Дохсун дьарыктыыр оҕолорун аҕалтаан кытыннарбыта кэрэхсэбиллээх. Олохтоохтор көхтөөх кыттыыны ыллылар. Үлэ, наставник сылларынан тыа сирин үлэһиттэригэр, сүөһү иитиитинэн дьарыктанааччыларга болҕомто уурбут дьоһун “Күүлэй-23” тэрийээччилэригэр махтанабыт. Инникитин өбүгэ үгэһигэр кэлэр көлүөнэни үлэнэн иитиигэ көҕүлүүр күрэх тыа хаһаайыстыбатынан дьарыгырар биһиги улууспутугар ыытыллан үтүө үгэскэ кубулуйара буоллар диэн баҕа санаалаахпыт. Чулуу отчут эһэбит Захаров Николай Егорович сиэннэрэ аан дойду таһымнаах күүлэй күрэҕэр ситиһиилээхтик кыттыбыттарыттан астынныбыт”, — диэн ийэ киһи үөрүүтүн үллэһиннэ.
Ааптар: “Амма олоҕо” хаһыат