Амма улууһун Эмис нэһилиэгэр уолаттары саха төрүт дьарыктарыгар үөрэтии – муус ылыытыгар, муҥхаҕа кытыннарыы, кыраайы үөрэтэр айылҕалыын алтыһыыга сырытыннарыы хаһан даҕаны тохтообокко, сыллата ыытыллар. Быйыл даҕаны үтүө үгэс кэһиллибэтэ.
Быйыл, оскуолабыт үбүлүөйүн чэрчитинэн, балаҕан ыйыгар, бастакы оскуола турбут алааһыгар Аччаахыга биир күннээх поход тэриллибитэ. Оскуола үөрэнээччилэрэ, учууталлара, ветеран учууталлар, үлэһиттэр буолан, бука бары күһүҥҥү сылаас күнү баттаһа айылҕаҕа сынньана, Аччаахыга дылы баар алаастар историяларын, кимнээх олорон ааспыттарын билэн кэлбиппит олус күндү этэ.
Онтон оскуолабыт муҥхата сэтинньи 8 күнүгэр, Чыраайы алаас күөлүгэр буолла. Манна буолбута эмиэ ураты историялаах: Чыраайыга 1928-1934 сылларга Эмис нэһилиэгин оскуолата үлэлээбит сиринэн биллэр. Бу күн Амма улууһун оскуолалара ыалдьыттаатылар: Амма 1№-дээх, лицей, көмөлтө оскуолата, Чапчылҕан, Бөтүҥ, Покровка уонна Эмис үөрэнээччилэрэ, төрөппүттэрэ, учууталлара уопсайа 120 киһи улуу туонаҕа тоҕуоруһа мустаммыт үөрүүлээх муҥхабытын саҕалаатыбыт. Муҥханы оскуола мецената В.П. Константинов салайда. Баай Байанайбыт барахсан, көмүс хатырыктааҕыттан бу да күн бэрсэн, күндүлээн, кэһиилээн ыытта. Кэлбит оҕолор мунха диэн – туспа сыралаах үлэ, араас албастардаах буоларын илэ харахтарын, эт хааннарынан, биллилэр. Кэлбит балыкпытын барыбыгар тэҥҥэ үллэстэн тарҕастыбыт. Маны сэргэ, туспа улахан соболору саамай эдэр, кыра саастаах балыксыт оҕолорго, аҕам саастаах балыксыттарга диэн өлүүлээтибит. Бу күн уолаттар, тыа сирин эр дьонун үлэтигэр сыстан, үтүө үйэлээх үөрүйэххэ үөрэннибит.
Тыа сиригэр олорор дьон элбэх түбүктээх: оттук маһын бэлэмниир, отун тиэнэр, идэһэ астыыр, муус ылар. Биһиги оскуолабытыгар сылын ахсын 8 -11 кылаас уолаттара уонна үлэлиир эр дьоно бара көмөлөөн кыстыыр уубутун хаһаанабыт, муус ылабыт. Бу муус уутун кыһын, саас эрэ буолбакка, сайын устата иһэбит.
Саха өйдөбүлүнэн, киһи олоҕун сиэрэ, өйүн-санаатын сайдыыта, этин-хаанын эрчийиитэ дьыл хайа кэмиттэн ураты тутулуктанар эбит. Ол иһин өбүгэлэрбит оҕолорун үлэҕэ-хамнаска, олоххо үөрэтэр-такайар кэмнэрэ күн-дьыл эргиириттэн, ол кэмҥэ буолар үлэ-хамнас эбит диэн мин өйдөөтүм. Өбүгэ ситимэ салҕана турдун.
Николаев Эрчим, Эмис орто оскуолатын 8 кылааһын үөрэнээччитэ.