Эмис нэһилиэгин баһылыга Прокопий Бубякин, нэһилиэк иһигэр көнө суол диэн олохтоох нэһилиэнньэ күннээҕи олоҕор эрэйи көрбөккө сылдьарыгар, бэйэтин дьиэтээҕи үлэлэрин харгыһа суох сылдьар биир сүрүн чааһа буолар диэн этэр. Суоллары көннөрүү үлэлэрэ нэһилиэк дьаһалтатын бюджетигэр көрүллэн былааннаахтык ыытыллар.
“Быйыл олохтоох дьаһалта суол оҥоһуутугар көрөр фондатынан ытыктабыллаах биир дойдулаахпыт, РФ үтүөлээх артыыската, саха народнай артыыската Нина Чигирева аатын саҥа сүкпүт уулуссабытын өрөмүөннээтибит. Бу суол туруга мөлтөх буолан, ардахтар кэннилэриттэн сылдьарга ыарахан этэ. Маны тэҥэ улуус дьаһалтатын көмөтүнэн Мас Үрүйэ диэн муоста сиҥнэн кутталламмыт учаастага оҥоһулунна уонна уһун сылларга куурбатах, бадарааннаах Күннүк Уурастыырап уулуссатын уһуга бэркэ кутулунна. Бу үлэлэри бэйэбит уолаттарбыт, суолга үлэлиир Назар Васильев уонна Ньургун Устинов үтүө суобастаахтык толорон кэллилэр, толоро да сылдьаллар.Биһиги кинилэр үлэлэрин сыаналыыбыт уонна махтанабыт. Улуус суолу оҥорооччуларын кытта сыл устата көрө сылдьан кута, көннөрө сылдьарга дуогабардаахпыт. Ону сэргэ нэһилиэк хочуолунайдара таһаарар шлактарын нэһилиэк туһатыгар ыларга Амматааҕы ОДьКХ филиалын кытта кэпсэтиини ыыппытым”, — диэн баһылык Прокопий Бубякин сырдатар.
Суол- олох хорук тымыра диэн мээнэҕэ эппэттэр. Онон бу этиини тутуһан олохтоох дьаһалта нэһилиэк иһигэр харгыһа суох сырыы баар буоларыгар ити курдук былааннаах үлэни ыытар.
“Амма олоҕо” хаһыат