Сайыҥҥы кэмнэргэ хайа нэһилиэккэ уу ситимэ баар да, ол аата бу нэһилиэк олохтоохторо биир тыын боппуруостара быһаарыллар. Эмис нэһилиэгэр уу ситиминэн нэһилиэк улахан аҥаара хааччыллан олорор. Ситим ыам ыйын бүтүүттэн саҕалаан холбонор.
“Биһиги нэһилиэккэ уу ситимэ киирэн үлэлээбитэ төрдүс сылыгар барда. Мин бэйэм баһылыктыы кэлиэм инниттэн бу үлэ саҕаламмыт этэ гынан баран, ситэ толору үлэҕэ киирэ илик этэ. Манна бэйэбит бэртээхэй диэн скважиналаахпыт. Чинчийээччилэр этэллэринэн уутун саппааһа элбэх. Ити гынан баран бэйэтин хаачыстыбатынан техническэй эрэ өттүгэр туһаныллар. Ол эбэтэр дьон суунуон да сөп, оҕуруотугар уу кутуон, таҥас да сууйарыгар туттар. Онон бу саҕаламмыт дьыаланы тиһэҕэр тиэрдэргэ сорук туруорунан күүскэ үлэлээн билигин нэһилиэкпит улахан аҥара барыта сайыҥҥы уу ситимигэр холбонон турар. Бу үлэни олохтоох киһибит Остап Дмитриев көрөн-истэн үлэлэтэр. Турбаларбытын Дьокуускайтан “Экопласт” диэн тэрилтэни кытта кэпсэтэн ылбыппыт. Туох да наһаа үчүгэй матырыйаал эбит. Кыһын игин хайа тоҥмот. Арай ити эрдэ төгүрүк сыл үлэлэтэр баҕалаах ититэр ситим үрдүгэр ууран ыыппыттара сыыһа эбит. Турба онно сыста сытан ууллар уонна хайдар эбит. Ону ити анал тэрилинэн быһан ылан, бэйэтин бэйэтигэр сыһыаран абырахтаан кэбиһэллэр”, — диэн нэһилиэк баһылыга Прокопий Бубякин этэр.
Нэһилиэк олохтоохторо уу ситимигэр холбонон сайын уунан быстарар диэни билбэттэр. Урукку курдук уу баһар массыына хаһан кэлэн кутарын күүппэттэр. Ситим анал бириэмэнэн буолбакка, тохтоло суох үлэлиир эбит. Прокопий Петрович бэлиэтээбитинэн, скважинаҕа турар насос бэйэтэ анал вакуумнаах буолан, уу хачайдаммат кэмигэр тохтоон хаалар эбит. Онон дьэ олохтоохтор төһө баҕарар ууну тутталлар.
“Биһиэхэ өрүспүт суох. Онон күннэтэ баран сөтүөлүүр кыах суох. Бардахха арыый тэйиччи күөлгэ баран сөтүөлүөххэ сөп. Онтон билигин уу хааччаҕа суох буолан 50-ча ыал бассейн атыылаһан, оҕолор онно сайын устата сөтүөлүүллэр”, — диир баһылык.
Сорох ыал уу ситимин билигин олбуор таһынан эрэ ыыттарбакка, өссө бэйэлэрэ анал матырыйаал атыылаһан, олбуордарын иһигэр киллэрэн дууштарыгар, оҕуруоттарын таһыгар тардаллар эбит. Уу иһин төлөбүр да олох удамыр эбит. Ол курдук биир ыйга 1000 солкуобай, сайыҥҥы 3 ыйга 3000 солкуобайы төлөөн баран, этэргэ диэри төһө баҕараргынан уу туттуоххун сөп. Маннык уу ситимнээх оҕуруот да аһын хото олордор кыах толору. Онон Эмис нэһилиэгин олохтоохторо дьаһалталарыгар, сайын устата уу ситимин көрөр истэр уолларыгар Остап Петровичка махталлара улахан.
“Амма олоҕо” хаһыат