Эмискэ уһуйаан сэргэх тэрээһиннэри ыытта

Ийэ тыл сурук-бичик күнүнэн, 2020-24 сылларга СӨ суударыстыбаннай уонна дьиҥ таһымнаах тыллары харыстааһын, итиэннэ сайыннарыы чэрчитинэн Эмис нэһилиэгин «Чуораанчык” уһуйааныгар иитиллээччилэргэ, төрөппүттэргэ, үлэһиттэргэ аналлаах араас тэрээһиннэр буоллулар. Ханнык тэрээһиннэр ыытыллыбыттарын билсиэҕиҥ.


Уһуйаан иитээччилэрэ 5-7 саастаах «Чөмчүүк» бөлөххө декаданы күннэринэн аттаран, сахалыы иһити-хомуоһу, таҥаһы-сабы, симэҕи, «Остуоруйа күнэ», сахалыы остуол уонна хамсаныылаах оонньуулары, олоҥхо олуктарыттан ааҕыылары тэрийдилэр. Хоһоон күрэҕэр Гаврильева Каролина — бастакы миэстэ, Неустроев Миша иккис, Новиков Айастаан үһүс миэстэ буоллулар. 3-5 саастаах «Кэнчээри» бөлөххө хомоҕой тыллаах хоһооннор, тылы сайыннарар оонньуулар, дьарыктар, Ийэ тыл уонна сурук-бичик күнүгэр аналлаах SMART-бибилэтиэкэ тэрийбит «Айтал уонна аптаах күүс» ойуулугунан  өрөспүүбүлүкэтээҕи уруһуй күрэҕэр кытыннылар, төрөппүттэргэ сахалыы дорҕооннору таба саҥарарга сүбэлэри ыыттылар. Уһуйаан бары үлэһиттэрэ улуус кииннэммит бибилэтиэкэтэ ыытар акциятыгар кыттан, биир дойдулаахпыт, норуодунай суруйааччы Миитэрэй Наумов «Күөх уол» кэпсээниттэн «Көҕөччөр ат туһунан номох” түһүмэҕиттэн быһа тардыыны истэн дьыктаан суруйдулар. Дьыктааны уһуйаан сэбиэдиссэйэ Алена Захарова салайан ыытта.

Декада түмүгэр Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн сылынан, Ийэ тыл, сурук-бичик декадатынан, улууспутугар уонна нэһилиэкпитигэр Олоҥхо сылынан, уһуйаан «Эркээйи эргиирэ» бырайыагын үлэлэрин чэрчилэринэн, ХИФУ культурология кафедратын доцена, педагогическай билим хандьыдаата, профессор, этнопедагог Галина Семеновна Попова – Санаайа «Төрөөбүт тыл уонна дьиэ кэргэн», «Эркээйи эргиирэ» бырагыраамма — сайдыы тирэҕэ» диэн ааттаах төрөппүттэргэ уонна педагогтарга аналлаах киэҥ кэпсэтиини ыытта. Кэпсэтиигэ Эмис нэһилиэгин дьаһалтатыттан баһылыгы солбуйааччы Айталина Кириллина, оскуола директора Гаврил Захаров кыттыыны ыллылар.

Ийэ тылы дьиэ кэргэҥҥэ, оҕоҕо иҥэрии, олохсутуу ньымаларын туһунан биэс оҕо күн күбэй ийэтэ Василиса Неустроева ураннык оҥорбут сахалыы оонньууларын, төрөппүт Ньургуйаана Стручкова сонун сүбэлэри үллэһиннилэр. Уол оҕону төрүт үгэскэ, үтүө сиэргэ-майгыга уһуйар аналлаах үтүө хамсааһыны саҕалаабыт, «Чыпчаал» уолаттары эт-сиин өттүнэн дьарыктыыр түмсүү салайааччыта, Эмис орто оскуолатын эбии үөрэхтээһинин педагога Александр Ларионов бэйэтин ыытар үлэтин билиһиннэрдэ. Галина Семеновна  кэпсэтии сүнньүнэн «Эркээйи эргиирэ» бырагырааммаҕа бүттүүн нэһилиэгинэн киирэргэ тыл көтөхтө. Маны нэһилиэк дьаһалтата өйүүрүн биллэрдэ. Оскуола, уһуйаан педагогтара, төрөппүттэр төрөөбүт тылы харыстааһын, тулалыыр эйгэни сахатытыы, ыал үөрэҕин, удьуор утумун кытта ситимнэнэрин сэҥээрэ иһиттилэр, сэргээтилэр. Маны тэҥэ, өрөспүүбүлүкэтээҕи «Эркээйи эргиирэ» оҕо, ыччат сайдар эйгэтин тэрийии пилотнай бырагырааманан оҥоһуллубут уһуйаан бырайыагар сүбэлэри биэрдэ, чопчулуурга туһулаата. Бырайыак уопсай тутула, үлэ сүнньэ сөпкө саҕаламмытын бэлиэтээтэ. Түмүккэ, Галина Семеновна «Ийэ тыл» көҥүл түмсүү таһаарбыт “Хомуһуннаах тоҕус хоһоон” кинигэни уонна Саха тылын суругун-бичигин туһунан үбүлүөйдээх диискэни бэлэх уунна. Сахатытыыга олоҥхо олук уурарын төрдүттэн ылынан, тылы соҕотохтуу илдьэ сылдьан тыыннаах хаалларбаппытын өйдөөн, уһуйуу-сайыннарыы суолун-ииһин тобулуохтаахпыт. Кэлэр кэнчээри ыччакка ийэ тылга уһуйуу оҕо киһи-хара буоларыгар, киһилии киһи киэби ылынан, айар-тутар дьоҕурданарыгар сүрүн тирэх уонна төһүү күүс буолуохтун!

Алена ЗАХАРОВА, “Чуораанчык” уһуйаан сэбиэдиссэйэ,

Лена ТИХОНОВА, иитээччи,

                                                                                         уһуйаан «Эркээйи эргиирэ» бырайыагын ааптардара

Читайте дальше